Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньамыгырас

I
ньамыгыраа диэнтэн холб. туһ. Көрсүһэ түһээт, кэпсэтэн ньамыгырастылар
II
даҕ. Түргэнник биир кэм «ньам-ньам» диирдии. Чавкающий, чмокающий, похожий на частое «ням-ням-ням» (о звуке)
Түүҥҥү үөнкөйүүр барыта уһуктан, аһаан-сиэн, айах тыаһа ньамыгырас. Н. Апросимов


Еще переводы:

тойтоҥноо

тойтоҥноо (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Бытааннык дьоһумсуйа туттан хаамп, хамсан (кыра уҥуохтаах киһини эбэтэр кылгас таҥаһы кэппит киһини этэргэ). Медленно ходить, двигаться (с важным видом — о низкорослом человеке в очень короткой одежде)
Оҕо тойтоҥноото, тоһугураата, чаҕаарда-чуопчаарда. ТМ ДК
[Н.С. Емельянов] ыппаҕар уостаах, төгүрүк сирэйдээх, тойтоҥноон хаамар, ньамыгырас саҥалаах киһи этэ. Н. Якутскай

бахсырый

бахсырый (Якутский → Якутский)

I
бахсый диэнтэн хамс
көстүү. Сыарҕалар тастарыгар кулахачыйа сылдьар Тумара Киргиэлэй аттыгар бахсырыйан тиийдэ. Болот Боотур
II
туохт.
1. Иҥсэлээхтик, тыастаахтык уобалаа; омурдуталаа. Есть с жадностью, громко чавкая, захлебываясь
Лөгөнтөй аһаан бахсырыйа олорор уолун Баҕыстайы сэмэлээтэ. Р. Кулаковскай
Эһэ тоҕо-хоро сиэн бахсырыйа испитэ, айаҕын тыаһа ньамыгырас буолбута. Суорун Омоллоон
Миини тэриэлкэтиттэн чэй курдук киллиргэччи иһэрэ, ол аһаан-сиэн бахсырыйа олороро көрүөххэ дьулаан этэ. И. Гоголев
2. Тыастаахтык, хаһыҥыраан эрэр курдук муннугунан тыын. Судорожно, шумно втягивать воздух носом (напр., всхлипывая)
Кэннилэригэр сытырҕаан бахсырыйар мурун тыаһа иһиллибитэ. Р. Кулаковскай
Эмээхсин бүтүн бэйэтэ көбүөхтээн ытаан бахсырыйан барда. М. Доҕордуурап
Графиня ытаан бахсырыйбытынан кыыһын түөһүгэр бүк түспүтэ. Л. Толстой (тылб.)