см. ньулдьаҕай .
Якутский → Русский
ньуолдьаҕай
Якутский → Якутский
ньуолдьаҕай
- даҕ.
- Өссө да ситэ-хото илик, эт-сиин өттүнэн сайда илик. ☉ Молодой, ещё не достигший полной физической зрелости (о человеке)
Ыйдаҥалыы ымманыйа Ахта сылдьабын эйиигин, Ньуолдьаҕай сааһым ырата — Мин күөх Сиинэм — Мин биһигим. С. Данилов
Холкуос эр дьонноро бааллара буоллар, кини, ньуолдьаҕай кыысчаан, от тиэйэ сылдьыа этэ дуо?! В. Протодьяконов
Оччотооҕу оҕо дьон сэрии алдьархайын эт хааннарынан билбиттэрэ, ыар үлэ-хамнас кинилэр ньуолдьаҕай сарыннарыгар сүгэһэр буолбута. «ХС» - көсп. Бүтэһиктээх кээмэйигэр тиийэ илик; сиппэтэх (уус-уран айымньы туһунан). ☉ Несовершенный, незрелый (о литературном произведении)
Мин аахтым долгуйа, аймана, Былыргы ньуолдьаҕай хоһооммун. С. Данилов
Ити хотугу дойдуну, туундара айылҕатын, муустаах байҕалы, онно олорор, үлэлиир дьону хоһуйар …… сиппэтэх, ньуолдьаҕай хоһооннор этэ. В. Миронов - аат суолт. Сааһын ситэ илик оҕо. ☉ Маленький ребёнок
[Манчаары Маайаҕа:] Икки мөһөөх харчы баар, онон иринньэххин иит, ньуолдьаҕайгын улаатыннар. Эрилик Эристиин. Тэҥн. ньулдьаҕай
Еще переводы: