Якутские буквы:

Якутский → Якутский

нэксиэлээ

туохт. Ту гу э мэ өрүтэ быраҕаттаа, сахсый, нэксиэлээх буол. ☉ Трясти, быть тряским
Биирдэ да бүдүрүйбэккэ, кыратык да нэксиэлээбэккэ Кырдьаҕас ат кэриэтэ Айанныахха баар этэ. И. Гоголев


Еще переводы:

нэксиэлэн

нэксиэлэн (Якутский → Якутский)

нэксиэлээ диэнтэн бэй
туһ. «Москвич», аттыгар тутуу барар буолан ситэ аспаалламматах олбуор кыра-кыра оҥхойдоругар нэксиэлэнэн баҕа ойуолуурун курдук өндөх-өндөх гыммахтаан, у у л у с с а к ө нө с у о л у га р к и ирэн кыахтаах аҕайдык дьулуйда. П. Аввакумов

эгдэрэҥнээ

эгдэрэҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Бүтүн бэйэҕинэн биллэ-биллибэттик өрө көтүөккэлээн, өгдөҥөлөөн эрэр курдук хамсан эбэтэр оннук буолан көһүн. ☉ Слегка содрогаться, трястись
Эгдэрэҥнээн эрчимнээх соҕустук нэксиэлээбит сыарҕа эһиэ сирдэргэ өрө тахсыытыгар түбэһиннэрэн көрдө. Эрилик Эристиин
Бу кэнэн үҥкүү балысхан иэйиитигэр умсугуйан, бэл былыргы туруук таастар эгдэрэҥниир курдуктар. И. Гоголев
[Хороҕор:] Хайыай, Татыйаана курдук кыыһы уккуйар манан ахан буолбатах (бүтүннүү эгдэрэҥнии-эгдэрэҥнии күлэр). Л. Габышев
Сөмөлүөт тиийиэхтээх сирэ чугаһаан үөһэ-аллара эгдэрэҥнээбитигэр Мэхээлэ саныы испит санаатын ситимэ быстан хаалла. «ХС»