дьүһ. туохт. Бүтүн бэйэҕинэн биллэ-биллибэттик өрө көтүөккэлээн, өгдөҥөлөөн эрэр курдук хамсан эбэтэр оннук буолан көһүн. ☉ Слегка содрогаться, трястись
Эгдэрэҥнээн эрчимнээх соҕустук нэксиэлээбит сыарҕа эһиэ сирдэргэ өрө тахсыытыгар түбэһиннэрэн көрдө. Эрилик Эристиин
Бу кэнэн үҥкүү балысхан иэйиитигэр умсугуйан, бэл былыргы туруук таастар эгдэрэҥниир курдуктар. И. Гоголев
[Хороҕор:] Хайыай, Татыйаана курдук кыыһы уккуйар манан ахан буолбатах (бүтүннүү эгдэрэҥнии-эгдэрэҥнии күлэр). Л. Габышев
Сөмөлүөт тиийиэхтээх сирэ чугаһаан үөһэ-аллара эгдэрэҥнээбитигэр Мэхээлэ саныы испит санаатын ситимэ быстан хаалла. «ХС»
Якутский → Якутский
эгдэрэҥнээ
Еще переводы: