тряский; нэксиэлээх суол тряская дорога.
Якутский → Русский
нэксиэлээх
Еще переводы:
тряский (Русский → Якутский)
прил
нэксиэлээх
тряский (Русский → Якутский)
прил. нэксиэ, нэксиэлээх; тряская дорога нэксиэлээх суол.
түһүөлээмэхтээ (Якутский → Якутский)
түһүөлээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Массыына эргиирдэргэ мунньахыс-ханньахыс гынан, нэксиэлээхтик түһүөлээмэхтээтэ. П. Аввакумов
сахсыйтар (Якутский → Якутский)
сахсый диэнтэн дьаһ
туһ. Баайка нэксиэлээх баҕайы ат кэннигэр, сүрэҕин-быарын илдьи сахсыйтаран, нэһиилэ тулуйан истэ. Уустаах Избеков
адырҕайдан (Якутский → Якутский)
туохт. Оллурболлур, нэксиэлээх, айанныырга эрэйдээх буол (суол туһунан). ☉ Быть очень неровным, с бугорками, рытвинами, ухабами (о дороге)
Хотооллорго, уу хонор сирдэригэр суол олус охсууланар, адырҕайданар. «ХС»
дэгдиэ (Якутский → Якутский)
даҕ. Биир тэҥэ, дэхситэ суох, нэксиэлээх (суол). ☉ Неровная, тряская (дорога)
Оҕуһун самыытыгар Кымньыыта «ыаллаан ылар» Дэгдиэ суол охсуутугар Тэлиэгэтэ лаһыгырайар. Р. Баҕатаайыскай
нэксиэлээ (Якутский → Якутский)
туохт. Ту гу э мэ өрүтэ быраҕаттаа, сахсый, нэксиэлээх буол. ☉ Трясти, быть тряским
Биирдэ да бүдүрүйбэккэ, кыратык да нэксиэлээбэккэ Кырдьаҕас ат кэриэтэ Айанныахха баар этэ. И. Гоголев
лоппорус (Якутский → Якутский)
лоппоруй диэнтэн холб. туһ. Иҥин уҥуохтара лоппоруһан тахсыбыт хоп курдук таҥастаах аҕам киһи турар. М. Доҕордуурап
Тэлиэскэ, тииттэр силистэрэ суолу туора лоппоруһа сыталларыттан өрүтэ көтүөк кэлээн, нэксиэлээхтик айанныыр. «ХС»
оллороот-боллороот (Якутский → Якутский)
- аат. Очур-чочур, быллаар-аҥхай. ☉ Неровности, ухабы, кочки
Үрүҥ көмүс чаҕылҕан хотуура бэйэтэ имиллэҥнээн биэрэн, уот дьөлүтэ сиэбит, сүөһү тобулута үктээбит оллороотун-боллороотун куота көтөн, курбуулаталаан, атын отчут хотуура халты көтөн тахсар. Амма Аччыгыйа
Улуу ойуун Ыарыһах кыыс кутун-сүрүн Уоран барбыт абааһылары Ситэ охсон ылаары Оллорооту-боллорооту Үрдүнэн атаралыыр. «ХС»
Кинилэр [Мас, сэппэрээк тыынарыгар аналлаах куччугуй хайаҕастар] тас көстүүлэринэн оллороот-боллороот курдуктар, көннөрү харахха чуолкайдык көстөллөр. КВА Б
△ Көнөтө суох, онон-манан томтордоох, аппалаах, аҥхайдаах сир. ☉ Неровная местность с холмами и обрывами
Оҕонньор мааҕыҥҥыттан курдук тиэтэйбэккэ, көҥүс хас оллороотун-боллороотун сирийэн көрөр. В. Миронов - даҕ. суолт. Очурдаах-чочурдаах, көнөтө суох ньуурдаах, нэксиэлээх (хол., суол). ☉ Ухабистый, неровный (напр., дорога)
Куһаҕан оллороот-боллороот суол. Н. Заболоцкай
Куобах уоһа сир — ойуурга дьөлүтэ түспүт, киһи хаамарыгар куһаҕан, оллороот-боллороот сир. Багдарыын Сүлбэ
охсуулаах (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Үрдүк таһаарыылаах, күүрээннээх (хол., үлэ). ☉ Ударный (труд). Охсуулаах үлэ
□ Охсуулаах үлэһит Дьөгүөссэ Мастары сулуйан сыыйталыыр
Кинини куотуһан Бүөтүссэ Аҕыйах охсуунан бысталыыр. Эрилик Эристиин
Кулууп акылаатын түһэриигэ дьиҥнээх охсуулаах үлэ саҕаламмыта. АҮ
2. Үгүс өттүгэр ыарахан, куһаҕан содуллаах, соттуктаах, сабыдыаллаах. ☉ Имеющий тяжёлые последствия
Маҥнайгы кыра иирсээн улахан охсуулаах буолаары гыммытыттан Өлөксөй ыксаабыта. Д. Таас
Кырдьык, Кылбановскай барар күннээх буоллаҕына, икки өттүгэр охсуулаах буолар. В. Яковлев
Маннык эйгэҕэ, куһаҕан туруктаах кэмҥэ, үлэлиир охсуулаах: аһаҕас халлаан анныгар хаалбыт тимири дьэбин быһа сиирин кэриэтэ. Р. Баҕатаайыскай
3. Оллурдаах-боллурдаах, нэксиэлээх (хол., суолу этэргэ). ☉ Ухабистый, неровный (о дороге)
Сорох суол эриэ-дэхси, Сорох холус охсуулаах. С. Данилов
Мин бүгүн кынаттаах курдукпун, Охсуулаах суоллары ааһаммын. «ХС»
4. Күүһүрдэн, чиҥэтэн этиллэр сүһүөхтээх (тыл туһунан этэргэ). ☉ Ударный (о слоге)
Биир сүһүөхтээх нууччалыы тыл О дорҕооно мэлдьи охсуулаах буолар. ПНЕ СТ