дьүһ. туохт. Атах таргын түргэн-түргэнник бытыгыратан сүүр (уһун түүлээх тэллэх ытын туһунан). ☉ Бежать, быстро семеня лапами (о маленькой собачке с длинной мохнатой шерстью)
Налбыгыр кулгаахтаах эриэн ыт оҕото, суол устун утары сиэлэн нэктэрийэн иһэн, аҥаар атаҕын өрө көтөхпүтүнэн тохтуу түһэр. Амма Аччыгыйа
Бөтөс ити быыкаайык нэктэрийбит тэллэх ыта диэн ааттаах дьахталлар олус маанылыыр кыыллара буоларын хантан билиэҕэй, б и лб эт эт э. Далан
Якутский → Якутский
нэктэрий
нэк
- аат. Кылаана бүтэн эргэрбит тирии. ☉ Истёртый, изношенный мех
Атах ороҥҥо Мүлдьү уол нэк быыһыгар мас ынахтарынан оонньуу олорор. Суорун Омоллоон
Үтүлүгүн иһин нэгин быһыта тыытан ыла-ыла, бааһын бүөлүү туттумахтаата. А. Сыромятникова
△ Эргэрбит тирии таҥас-сап (хол., сон, суорҕан). ☉ Старая изношенная вещь на меху (напр., пальто, одеяло)
[Балбаара] кини сээкэй нэги холбоон, хохто буолан хаалбыт эргэ хомуһуол сонун дуомун хаҥатынан, урут таһырдьа Ньукулай үлэлиир үлэтин бэйэтэ үлэлиир буолла. Уустаах Избеков - даҕ. суолт. Кылаана бүтэн эргэрбит, илдьирийбит (түүлээх таҥаһы-сабы этэргэ). ☉ Истёртый, изношенный (о мехе)
Микиитэ …… ньылбы сытыйбыт торбос ыстаанын сиргэ тэбэн кэбистэ да, нэк суо рҕанын ан ныг ар кии рэ н хаалла. Амма Аччыгыйа
Байбал нэк бэргэһэтин, күтүр улахан сылгы үтүлүгүн кэтэн барда. Күндэ
Илдьиркэй тоҥолохтоох куобах өрөҕөтө нэк сонум итиини соччо иҥэриммэт. В. Чиряев
ср. бур. нэхы, нэхэй ‘меховой, длинношёрстный, мохнатый’, монг. нэкэй ‘овчина, овечья шкура’
◊ Нэк буол — элэйэн, аалыллан, кылааныҥ бүтэн эргэр (түүлээх таҥаһы этэргэ). ☉ Быть изношенным, истёртым (о мехе, об одежде на меху). Нэк буолбут соммун кэттим
Якутский → Русский
нэк
1) изношенные одежда или одеяло на заячьем меху; 2) старая, облезлая меховая одежда; нэк саһыл тыһа бэргэһэ облезлая шапка из лисьих лапок.
Еще переводы: