Якутские буквы:

Якутский → Якутский

нэлэһий

туохт.
1. Ыраахха диэри тэлгэнэн, арыллан көһүн. Про стираться вдаль и вширь
[Талба өрүс] Эбэлэрэ киэҥ-холку балаҕаннарын аннынан тэлгэнэн, нэлэһийэ уста сытар. Амма Ач чыгыйа. Барахсан, нэлэһийэн киэҥ баа һына. Н. Заболоцкай
Кини [суоппар] иннигэр ыраахха угуйар киэҥ суол нэлэһийэр. «Кыым»
2. көсп. Арылын, аһылын (хол., кыах). Открываться, раскрываться (о возможностях)
[Дора Самуиловна] кини иннигэр эйэлээх айар үлэ аартыга нэлэһийбитэ. П. Филиппов


Еще переводы:

нэлэһийбэхтээ

нэлэһийбэхтээ (Якутский → Якутский)

нэлэһий диэнтэн тиэт
көрүҥ. Толооннор, алаастар күөх ачаларынан хараҕы саатырда нэлэһийбэхтээтилэр. П. Аввакумов

көбүргэс

көбүргэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Туох эрэ көбдөркөйү тэпсэр курдук бүтэй тыастаах. Хрусткий, хрустящий
Хаар көбүргэс, суол уунан дэбилийбит. А. Сыромятникова
Хатан хаалбыт көбүргэс сир нэлэһийэрэ. Г. Николаева (тылб.)

мураан

мураан (Якутский → Якутский)

көр быраан
Муҥутуур күөх мураан буруонан тунаарда. Күннүк Уурастыырап
Мураан быарыттан харах ыларын тухары нэлэһийбит куораты дуоһуйуохпар диэри одуулаһан баран төн нүбүтүм. «ХС»

нэлэһис гын

нэлэһис гын (Якутский → Якутский)

нэлэһий диэнтэн көстө түһүү. Сотору күөх хонуу нэлэһис гына түстэ. П. Аввакумов
Халыма киэҥ сүнньэ нэлэһис гыммыта, Тоҕой эргиирин ааһары кытары, Чуһуура түспүтэ теплоход хаһыыта. М. Тимофеев

өҕүллэҕэстэн

өҕүллэҕэстэн (Якутский → Якутский)

туохт. Токурдардаах буол. Иметь изгибы
Улуу өрүс киэҥ хочото сүдү улахан моҕой кыыл хамсаабакка сытарыныы, ононманан өҕүллэҕэстэнэн хоту диэки нэлэһийэн түһэ турар. «ХС»

билгиһий

билгиһий (Якутский → Якутский)

билгий диэнтэн хамс
көстүү. Ааттаах улуу түһүлгэлэргэ Арыылаах кытах билгиһийдин! С. Васильев
Быйаҥнаах алаас уола Байым күөлбүн аҕынным …… Килбэчийэ-нэлэһийэ Билгиһийэн сыттаҕа! Умнуллубат к. Муус хайа ыстаннаҕына, уунан билгиһийэр сүлбэлэр дьалкылла түһэллэрэ. И. Федосеев

килэмэннэн

килэмэннэн (Якутский → Якутский)

туохт. Нэлэһийэн ыраахха диэри тайаа. Раскинуться вширь, простираться вдаль
Иннибэр киэҥ хочо киэҥник тайаан килэмэннэнэн көстөр. Килэмэннэнэр мэҥэ халлаан кыырпах да саҕа былыта суох. — Кини иннигэр Киэҥ сыһыы толооно Килэмэннэнэн сыппыта. С. Васильев

сайгыһый

сайгыһый (Якутский → Якутский)

сайгый диэнтэн хамс
көстүү. [Арыгы] Суудатыан соруннаҕына Субуруопка буолан сургуйар, Саататыан сахтаҕына Сампааныскай буолан сайгыһыйар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Икки кытыл икки ардынан киэҥ күөннээх өрүс сүдүтүк нэлэһийэ сытар: уута тыаһа-ууһа суох аа-дьуо сайгыһыйа устар. М. Горькай (тылб.)

сыдьаайбахтаа

сыдьаайбахтаа (Якутский → Якутский)

сыдьаай I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Бүлүү, сиргэ сынньана түспүт кустук курдук, араас өҥүнэн сыдьаайбахтыыр. Л. Попов
Кэрэ буолар сарыал кэйэр Киэһэтигэр Элиэнэ, Томтоһуйар, нэлэһийэр Толбоннурар киэҥ иэнэ — Сыдьаайбахтаан, сандаарбахтаан. Чэчир-68

туртаһый

туртаһый (Якутский → Якутский)

туохт. Туртайан, сырдаан көһүн. Белеть местами, поблескивать белизной
Аллара сииктээх аппаларга тирэхтэр сырдык субаларынан туртаһыйа кылбаһыйаллар. Софр. Данилов
Туртаһыйар үрүҥ чуоҕур Туллукчааным. А. Бродников
Туртаһыйа сардаҥарар хатыҥ чараҥнар, унаар нэлэһийэр налыы сыһыылар ортолорунан …… Амма барахсан устан кылбаарыйар. «ХС»