туохт.
1. Оҕону көр-иһит, бүөбэйдээ. ☉ Нянчиться с ребёнком
Улахан кыыһа Клара биир ыалга быйыл саас устата оҕолорун ньээҥкэлээбитигэр үс арсыын сиидэһи биэрбиттэрэ. Н. Якутскай
Куобах [оҕо аата] ыарыһах ийэттэн төрөөн, мөлтөх, иринньэх, олус ыарыһах этэ. Үүтү да кыайан испэт, аһы да аһаабат кэмнэрдээҕэ. Оччоҕо уолларын илиилэригэр ньээҥкэлииллэрэ. А. Бродников
△ Ньээҥкэнэн үлэлээ, саньытаардаа. ☉ Работать нянькой, санитаркой
Сэниэтэ суохтук налыҥнаабыт бу эмээхсин кэпсэтинньэҥэ суох. Дьон этэллэринэн, балыыһаҕа ньээҥкэлээбитэ ырааппыт. ЧКС АК
2. көсп. Кими эмэ олус бүөбэйдэс, көрө-харайа сатаа. ☉ Нянчиться, возиться с кем-л., чрезмерно опекать кого-л.
Сорох дьон оҕолоро үөрэҕи бүтэрбитин кэннэ, эмсэҕинэн эрэ аһаппаттар. Наһаа ньээҥкэлиир олох сыыһа. М. Доҕордуурап
Кыргыттар кинини ньээҥкэлииллэрэ, дьиэлэригэр ыалдьыттаталлара, бэйэлэрэ киниэхэ кэлэ сылдьаллара. «ХС»