I несов. см. обнести.
Русский → Якутский
обносить
обносить
II сов. что, разг. (кэтэн) үөрэт; обносить новые туфли саҥа түүппүлэни кэтэн үөрэт.
Еще переводы:
обнашивать (Русский → Якутский)
несов. см. обносить I.
олбуордаа= (Якутский → Русский)
обносить забором, ставить ограду; дьиэни олбуордаа = обнести дом забором.
оҕоруоттаа= (Якутский → Русский)
I 1) иметь огород; 2) снабжать огородом, давать огород.
II делать, ставить изгородь (вокруг жилища); обносить изгородью (жилище).
бүтэйдээ= (Якутский → Русский)
1) обносить изгородью, огораживать; хочону бүтэйдээтилэр покосные луга обнесли изгородью; 2) перен. изготовлять (основную часть какого-л. изделия); этэрбэһи бүтэйдээн бүтэрдэ она закончила основную работу по шитью торбасов.
күрүөлээ= (Якутский → Русский)
1) делать, ставить изгородь, ограду, забор; огораживать, обносить оградой, забором; 2) строить загон (для скота); 3) уст. наделять кого-л. сенокосным наделом, угодьем.
төгүрүт= (Якутский → Русский)
побуд. от төгүрүй = 1) окружать, обносить; оту бүтэйинэн төгүрүт = обнести стог сена изгородью; 2) заставлять кружить (обходить, объезжать); сирдьит дьону ырааҕынан төгүрүппүт проводник провёл людей обходным путём; 3) округлять (напр. число при делении).
күрүөлээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Тугу эмэ эргийэ, быыһыы күрүөтэ, бүтэйдэ тут. ☉ Делать, ставить изгородь, ограду, забор, обносить что-л. оградой, забором
От кэбиһиитигэр чугас ыаллар көлөлөрүн холбоон, күүстэрин түмэн, от угаллара, түстүүллэрэ, күрүөлүүллэрэ. И. Аргунов
Булду туһахха, айаҕа боһойон киллэрээри, кыра титириктэри, маһы охтортоон күрүөлүүллэр, сылбахтыыллар. Багдарыын Сүлбэ
Былырыын сайын өтөхпүн сылгы тэпсибититтэн кыһыйан, дьону көмөлөһүннэрэн мас бэлэмнээбитим, күрүөлээбитим. «Кыым»
2. Сүөһү хаайар дал, бүтэй тут. ☉ Строить загон для скота. Хотоҥҥун күрүөлээ
♦ Иитэр сүөһүнү күрүөлээ фольк. — дьиэ-уот туттан киһи-хара буол. ☉ Обзавестись хозяйством, домом, выйти в люди
Кырдьыга да, уот суоҕа буоллар, саха киһитэ эрэйдээх бу чэҥ муус дойдуга хайаан иитэр сүөһүнү күрүөлүө, төрөтөр оҕону төлкөлүө, уостубат олоҕу ууһатыа этэй? Софр. Данилов
Ити аата мин манна олохсуйабын …… Төрүүр оҕону манна төлкөлүөм, иитэр сүөһүнү манна күрүөлүөм! И. Данилов
кэриимнээ (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Төгүрүччү кэрий, кэрийэн көрө сырыт. ☉ Обходить, объезжать, облетать вокруг кого-чего-л.
Икки атахтаах Ириэнэх хааннанан, Ийэ сирин кэриимнээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Күнүн аайы бу баай тайҕа үрдүнэн тоноҕосчут курдук уһун кутуруктаах саллаҕар төбөлөөх тимир көтөр ньирилии кэриимниир. И. Гоголев
[Тииҥ] Томтор сир арҕаһын Сарсыарда кэриимниир Уһун тиит чыпчаалын Үрдүгэр чэрэҥниир. С. Васильев
2. эргэр. Дьиэтэ-уота суох буолан ыаллары кэрий, бырадьаагалаа, кэрэдэхтээ. ☉ Скитаться по чужим домам, бродяжничать
Ол эрээри кэҥсэ [айах адаҕата] буолан, нэһилиэги Кэриимниирим баһа биллибэт. Умнаһыт буолан Улууһу ороскуоттуурум баһа биллибэт. Өксөкүлээх Өлөксөй
Умнаһыт буолан кэриимнии барыахтара, үс сыл умналаан аһыахтара. М. Горькай (тылб.)
3. эргэр. Оҕолору сүрэхтии, дьону бэргэһэлии, малыыппа этэ кэрийэ сырыт (былыргы кэриим аҕабыытын туһунан). ☉ Объезжать паству, крестить детей, венчать и т. п. (о странствующих священниках-миссионерах)
Уол төрөөтөҕүн кыһын, аҕабыыт кэриимнии сылдьан Максим диэн уол төрөөбүтүн туһунан суруйбута. П. Филиппов
4. Кэрит, кэритэн үллэр. ☉ Обносить чем-л. по очереди кого-л., распределять что-л. в несколько приемов, повторов между кем-л.
Ити икки ардыгар чаҕардар хас ыалдьыт аайы үрүүмкэ кутуталаан хаста да кэриимнээн бүтэрдилэр. А. Пушкин (тылб.)
5. көсп. Киһиттэн киһиэхэ, ыалтан ыалга тарҕан. ☉ Переходить из уст в уста, из дома в дом (о слухах)
«Тугу гыныахха?» диэн толкуй Кэбээйини биир гына кэриимнээн баран, кэнникинэн кинилэр түөлбэлэнэн сытар Чиҥнээнилэригэр тиийэн кэлэр. «ХС»
эргий (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Биир кэм эргичийэ, төгүрүйэ хамсаа. ☉ Находиться в состоянии кругового движения, делать вращательные движения, вертеться
Электро-уоту үөскэтэ Эрчим мотуор эргийдэ. Эллэй
Көлөһө тимир эргийэн, Күөрчэх курдук дьэргэйэн, Ситим быаны субуйбут, Сирдир-сирдир охсубут. С. Васильев
2. Тула кулахачый, тула холоруктаа. ☉ Вертеться, вращаться, кружиться
Иирэр эмэгэт, Иттэнэ сытан эрэ, Күөрчэх курдук ытыллан, Күлүгүрүү эргийдэ. П. Ойуунускай
Көмүс манньыат эргийэн дьэргэйэрэ, күн уотугар оонньуура, ама, ким хараҕар куһаҕаннык көстүөй?! Т. Сметанин
Сымыыт бастаан хамсаабакка сытта, онтон сыыйа ытык курдук ытылла эргийдэ. Куорсуннаах
3. Түгэҕиҥ үөһэ буолар гына кулахачый (хол., тыыны этэргэ). ☉ Перевернуться вверх дном, опрокинуться (напр., о лодке)
Тыыта илими бүрүммүтүнэн түөрэ эргийбитэ. И. Федосеев
4. Сытар балаһыанньаҕын уларытан, ойоҕоскунан, тиэрэ сыт. ☉ Вращательным движением или ворочаясь, изменить положение, повернуться, повалиться на бок, спину
Түллэх гынан ойоҕоһугар эргийдэ. Суорун Омоллоон
Сөтөллүбүтэ буолаат, истиэнэ диэки түҥнэри эргийэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Сытан баран уот диэки эргийбитэ, кыыһа куолутунан турар эбит. Н. Заболоцкай
5. Эргиирдэ оҥор (үҥкүүгэ). ☉ Совершать круговые движения, кружиться (в танце)
Арай кылаас иһигэр кыргыттар үҥкүүлээн эргийэ сылдьаллара. Суорун Омоллоон
Вальс тыаһа эҥээрийэр, паара бөҕө эргийэр. П. Тобуруокап
Хайаларыттан да ордук Биэрэлээх Улуута имигэстик эргийэллэр. Куорсуннаах
6. Ким, туох эмэ тула, төгүрүччү хаамп, сырыт, көт. ☉ Двигаться, ходить вокруг кого-чего-л., кружить
[Тогойкин] бүдүрүйтэлээн ыла-ыла, тоҕо эрэ сөмөлүөтүн эргийэ хааман истэ. Амма Аччыгыйа
Дьыбар киэһэ Халлаан хара суора Киһини эргийэ сылдьыбыта. Күннүк Уурастыырап
Гаврил оҕонньор дулҕаны тула эмиэ эргийэр, чэччилиир. М. Доҕордуурап
7. Быһалыы буолбакка, ырааҕынан төгүрүйэн бар. ☉ Обходить, объезжать что-л. кругом, делать крюк
Серёжа сааланы кытыытынан эргийэн, кыыс аттыгар тиийдэ. Н. Лугинов
8. Араас сирдэринэн сылдьан, уһуннук айаннаа. ☉ Ехать долго, с заездом куда-л. Куорат суола тугун билэн, Куйаастан, быылтан иэдэйэн, Байкаалабынан эргийэн, Байбал булбута Бэстээҕин. Күннүк Уурастыырап
Этэрээт Мэҥэнэн эргийэн, Тиэхээнниин Майаҕа тиийбиттэр. Эрилик Эристиин
Дьаныардаахтык айанныыра — Киэҥ сирдэри кэрийэрэ: Тандалыыра, Таатталыыра, Кэбээйинэн эргийэрэ. «ХС»
9. Ханна эмэ ыраах баран баран, төннөн кэл, төнүн. ☉ Прийти назад, обратно, вернуться откуда-л. Ол курдук ойуурга саас буолан, Ыраахтан эргийбит ымыылар, Түмсэннэр, дьүөрэлии ыллыыллар. Эллэй
Ыллаа, сэрии хонуутуттан Эргийэн уолбут кээлтин. С. Данилов
Бырастыы, Өлүөнэм, мин, баҕар, Эргийиэм суоҕа эйиэхэ. Дьуон Дьаҥылы
10. Иккистээн эргилин, баар буол, төнүн. ☉ Появляться вновь, наступать (о чувстве, состоянии)
Кырдьыы аас хаһыҥын кэнниттэн Эдэрбит иккиһин эргийбэт. С. Данилов
[Эҕэрдэлиибин эйигин] Хаһан да аны эргийбэт Оҕо саас умнуллубат сылларынан. П. Тобуруокап
Киһи соһумар тапталтан Эдэр сааһа эргийэр. Баал Хабырыыс
11. Уруккугар төнүн, чөлгөр түс. ☉ Приходить в прежнее состояние, восстанавливаться
Сэрии бүттэ. Тиһэх тэргэн ньим барда. Сир үрдүгэр Эйэ кэмэ эргийдэ. Күннүк Уурастыырап
Бүлүү балым баайа бэйэтин эйэлээх оҕолорун дэлэйдик иитэр күнэ эргийиэ. П. Филиппов
12. Буол, кэл, саҕалан (хол., дьыл, суукка кэмин этэргэ). ☉ Настать, начаться, наступить, вернуться (напр., о времени года, суток)
Сүөгэй астыы дьэгдьитэр Сөрүүн киэһэ эргийдэ. Күн Дьирибинэ
Үрүҥ көмүс күннэрдээх Үтүө сайын эргийдэ. И. Эртюков
Сандал саас эргийдэҕинэ, халыҥ кэлгиэтин хайыта тыыллан, көҥүл көрүлүү устара буолуо. П. Филиппов
13. Тымырынан сүүрүгүр (хаан эргиирин туһунан). ☉ Циркулировать в сосудах (о кровообращении)
Сэмэн хаана тымырынан аанньа эргийбэтиттэн, бааһа түргэнник оһон биэрбэтэҕэ. Н. Якутскай
14. Кимиэхэ, туохха эмэ хайа эмэ өттүгүнэн буол, хайыс. ☉ Поворачиваться, оборачиваться какой-л. стороной к кому-чему-л.
Күөл диэки эргийэн көрбүтүм: били оҕонньорум тыыннааҕар миинэр тыытын түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. Н. Неустроев
[Ананий] туох тыаһай дии санаан, оҕуһун диэки эргийэн көрдө. М. Доҕордуурап
[Таня] түргэнник көхсүнэн эргийэ охсубута. Н. Лугинов
15. Атын хайысханы ыл, уларый (дьыала, түгэн туһунан). ☉ Принимать иное направление, превратиться во что-л., обернуться чем-л. (о делах, событиях)
Власий Порфирьевич мааҕын мунньахха кэлэригэр дьыала маннык эргийэн тахсыа диэн өйүгэр да оҕустарбатаҕа. Н. Лугинов
Дьыаланы кини итинник эрэ эргийиэ дии санаабатаҕа. Н. Заболоцкай
Дьыала итинник эргийэн тахсыа диэн ким толкуйдаабыта баарай. Г. Нельбисова
△ Билиҥҥи туруккуттан атыҥҥа уларый. ☉ Превращаться во что-л. иное, переходить в другое состояние
Биир сарсыарда халлаан сырдаабата, хараҥанан эргийдэ. ПЭК СЯЯ
Тымныытынан, тыалынан эргийбит сир. ПЭК СЯЯ
16. Тугу эмэ бүтэйдээ, күрүөлээ. ☉ Обносить что-л. изгородью, забором
Кэбиһиилээх оту тоһоҕо эбэтэр сигэ күрүөнэн эргийэллэр. АЭ ӨӨКХ
17. кэпс. Өлбүт киһи уҥуоҕун тут, күрүөлээ. ☉ Устанавливать надгробие, памятник на могиле, обносить её оградой
Сэмэнчик аҕатынаан Маачаҕа тиийэн ийэтин уҥуоҕун маһынан эргийбиттэрэ, остоолбо туруорбуттара, ылтаһынтан сулус быһан саайбыттара. Н. Якутскай
Саһааннаах [киһи аата] лөчүөк уҥуоҕун эргийэргэ алта уон сүүһү ылбыт сурахтааҕа. Эрилик Эристиин
Мин аҕам уҥуоҕун тимиринэн үчүгэй гына эргийэр санаалаах этим. Далан
Эбээ, уҥуоххун булбатым — Эргийбэтэх эбиттэр. Н. Дьяконов
18. көсп. Биир туох эмэ туһунан өрүү санаа, ол туһунан кэпсэт, санаа аалыыта оҥоһун. ☉ Вращаться, крутиться вокруг какой-л. одной темы (напр., о разговоре)
Лариса Александровна санаата сарсын Өлөксөөс мантан барарын тула эргийэрэ. Н. Якутскай
Кинилэр кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ кыһыны хайдах кыстыах муҥнарын тула эргийэр. «ХС»
♦ Мэйиитэ эргийэр (иирэр) көр мэйии. [Нүһэр Дархан:] Дархамсыйар илин эҥээрдэр Мин хатан кымыспыттан мэйиилэрэ эргийэн Кытаанахтык утуйуохтара… Дьэ, оччоҕо… И. Гоголев
Мэйиитэ эргийэн дөйүөрэ сыһа-сыһа күөх окко олорбута. Дьүөгэ Ааныстыырап
Тиэрэ эргий көр тиэрэ. Кыыс Хотуну аны киниттэн кистиир буолбуттар, бары барыта тиэрэ эргийдэ. А. Сыромятникова
Аҕа табаарыһым туһунан олус билэбин дэнэр курдугум да, онтум тиэрэ эргийэн таҕыста. «Кыым»
Төбөтө эргийэр көр төбө. Киһи төбөтө Эргийиэ суохтаах Кыайан өрөгөйдүүр да күҥҥэ. Софр. Данилов
Таба итинтэн төбөтө эргийбитэ, киэбиримтэҕэй буолбута. Эвен фольк. Тураах хайҕанан, төбөтө эргийдэ, Тыына хаайтарда, дэлби үөрдэ. И. Крылов (тылб.). Эргийдэххинэ — иэччэҕиҥ эчэйдин (эмтэрийдин), хайыстаххына — хаалдьыгыҥ хайыннын — букатын бар, аны хаһан да төннүмэ. ☉ Уходи безвозвратно, покинь навсегда (букв. [если] повернёшься — пусть вертлюг твой ломается, [если] оглянешься — пусть шейный позвонок твой раскалывается)
«Эргийдэрбин — Иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыстарбын — Хаалдьыгым хайыннын! Улуу дьон, туһунан сылдьыҥ! Куттаннымхорҕоотум!» — диэн баран, соҕотохто күлүпүс гынан хаалла. Ньургун Боотур
Эргийэн көрдөрбүн — Иэччэҕим эмтэрийдин, Хайыһан көрдөрбүн — Хаалдьыгым хайыннын!!! П. Ойуунускай
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ (сөмүйэ үрдүгэр үстэ) эргийбит (киһи) көр эрбэх. Тойон киириилээх-тахсыылаах, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр уол оҕо бэрийэр бэрдэ — үлэһиттэригэр сыһыана үчүгэйэ. Күрүлгэн
Эргийэр киинэ көр киин II. Кэллэҕим бу аата, дьэ кэрэ Ийэ сир эргийэр киинигэр. Күннүк Уурастыырап
Сир ийэ эргийэр киинэ, Аан дойду туллубат тутааҕа — Аҕыс сүүс сылга Аарыгыран сайдыбыт Улуу Москва Уһун үйэлэргэ Уруй-айхал буоллун!!! С. Зверев. Эргийэн кэбис — тугу эмэ оҥоруох буолан эрэннэрэн баран толорума, аккаастан. ☉ Обещав сделать что-л., не выполнить, отказаться от обещания. Онон мин Күндэлэйдиин сырса оонньуу сылдьан чаһыбын сүтэрбитим, уон солкуобай сүүйүүбүн эмиэ эргийэн кэбиспитэ. Н. Габышев
Бу дьоннор туһаныытын туһанан бараннар, эргийэн кэбиһиэхтэрин эмиэ сөп. М. Попов
Кинигэ уларсыах буолан баран, эргийэн кэбистэ. НАГ ЯРФС II
Эргийэр (эргичийэр) иэччэҕэ көр иэччэх. Ону баара Хор бу — Иннинэн сирэйдээх, Эргийэр иэччэхтээх, икки атахтаах …… Сидьиҥ өлүү курдук Ситэн туран сиэтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
◊ Төбөтө эргийэр көр төбө
Утуйаан [киһи аата] үөрбүччэ Төбөтө эргийдэ. С. Данилов
Сиэллээхэп төбөтө эргийдэ, Иэдэһэ, кулгааҕа итийдэ. С. Васильев
ср. др.-тюрк. егир ‘окружать, обходить; вращать, кружить’, уйг. эргимэк ‘следовать; кружить, парить’, монг. эргэх ‘кружиться, вертеться’