даҕ., поэт. Туох да уларыйыыта суох биир тэҥ кэриҥнээхтик үргүлдьү бара, тэнийэ турар. ☉ Простирающийся ровно, однообразно
Үрдүк дьүрүс халлаантан Өлбөт мэҥэ уутун - Үрүҥ сөлөгөйү түһэрдилэр. П. Ядрихинскай
Оттон ырыа-тойук өттүгэр Нуоралдьымаҕа тиийэр нарын кэрэ ырыалаах, уһун дьүрүс тыыннаах кыыс суох эбит. Р. Кулаковскай. Оччоҕо Өлүөнэ өрүс Хобордообут сааскы кэмэ, Күөх муус килбиэнэ дьүрүс Урсун буолан мэндээрдэ. «ХС»
◊ Биир дьүрүс - биир тэҥник, маҥнайгыттан уратыта суохтук. ☉ Однообразно, ровно, без каких-л. отклонений с начала и до конца
Госпитальга бэйэбэйэлэригэр маарыннаһар күннэр биир дьүрүс хотоҕостуу субуллан биллибэккэ ааһан истилэр. С. Никифоров
Сыарҕа тыаһа биир дьүрүс кыычыргыыр, Ырыган ат тиэтэйэн быстыбат. М. Ефимов
[Артиллерия күргүөмнээх уотуттан] сир халлаан биир дьүрүс өрө уһуура, дьигиһийэ, ньирилии, уотунан илгистэ олордо. «ХС»