сыһ.
1. Кыһанан-мүһэнэн, кичэйэн. ☉ Усердно, старательно, тщательно
Кирээдэтин мэлдьи Кичэллээхтик көрөр. Күннүк Уурастыырап
Эрдэттэн кичэллээхтик бэлэмнэнии биэчэр интэриэһинэйдик барарыгар көмөлөспүтэ. И. Артамонов
Үөрэнээччилэр бэйэлэрин олохторун, үлэлэрин кэпсиир хаартыска олбуомун кичэллээхтик оҥорон, тапталлаах учууталларыгар бэлэхтээбиттэрэ. И. Федосеев
△ Олус кыһамньылаахтык, болҕомтолоохтук. ☉ Бережно, заботливо, внимательно
Саҥа төрөөбүт саһыл оҕолорун кичэллээхтик кэтээн көрөллөр. «Кыым»
2. Харыстабыллаахтык, кэмчилээн. ☉ Бережливо, экономно
«Нам» сопхуос үлэтигэр олоҕуран …… туохха барытыгар кичэллээхтик, хаһаайынныы сыһыаннаһыы сүҥкэн суолталааҕын көрдөрөргө сорунабыт. ДВР ЭНьТ
Ойуур — биһиги барыбыт баайбыт, ону харыстыахха, кичэллээхтик туһаныахха. «ХС»