Якутские буквы:

Якутский → Якутский

олой

дьүһ. туохт. Уһун ньолоҕор сирэйдээх буолан көһүн. Выделяться своим удлинённым лицом, выражающим тупое недоумение
Уот Хойостоон муус маҥан бытыктаах, олойбут уһун сирэйдээх, дьалларыттыбыт улахан кулгаахтаах хатыҥыр оҕонньор. Амма Аччыгыйа
Улар массыына ыкса кэлиэҕэр диэри кыһаммат, муодарҕаан олойон олорор буолар. Далан
Сүрэҕэ суохтуҥу да буоллар кыайыылаах үлэһит, көркүлүү курдук саҥалаах, өрө олойон олорон төрүт тыыммакка эрэ чабырҕахтаан ыртаҥныыр. А. Фёдоров
ср. монг. олий ‘становиться косоглазым’

Якутский → Русский

олой=

образн. выставлять удлинённое лицо, выражающее тупое недоумение.


Еще переводы:

олоҥноо=

олоҥноо= (Якутский → Русский)

равн.-кратн. от олой=.

хараарыс

хараарыс (Якутский → Якутский)

хараар диэнтэн холб. туһ. «Сара баһаам охтубут эбит дии, урут бу эбэҕэ маннык саарбытын өйдөөбөппүн», — кыра Баһылай үөскэ хараарсар кустары олойо-олойо одуулаһар. С. Маисов
Кыыс икки имэ кэйэн, тырымнас көрсүө харахтара буспут моонньоҕоннуу хараарыспыттара Василий сүрэҕин ортотунан киирбитэ. Ойуку
Ол иһин даа! Чыычаах оҕолорун харахтара, улахан мунду харахтарыныы, бу хараарсан сыталлар! «ХС»

бэлэстэн

бэлэстэн (Якутский → Якутский)

туохт. Саҥаран-иҥэрэн, айдааран тур; элбэх саҥалаах буол. Зашуметь, заговорить, заболтать
[Балааҕыйа:] Бэлэстэннин! Сирэйэ-хараҕа олойо сытыйан, биһиэхэ күн аайы «хаачыстыбанан хаамар». Амма Аччыгыйа
Сүөдэр атыыһыт бэлэстэнэн, Сүбэһитамаһыт буолла, Кэлэн-баран элэстэнэн, Дьоҥҥо олох маһы булла. С. Васильев

олос гын

олос гын (Якутский → Якутский)

олой диэнтэн көстө түһүү. Ол даҕаны даа буоллар, Олос гына түстэ, Сырайа сыллас гынна. П. Ойуунускай
Оҕонньор хохучуоллаһа олорбут бандьыыта олос гына, көрө түһээт: «Алдьархайы даа!.. Кыһыллар!..» — диэн хаһыытыы түһээт, дьиэ диэки ыстанар. Н. Якутскай

олоҥноо

олоҥноо (Якутский → Якутский)

олой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Онно-манна олоҥноото, Арсахарсах гынна, Амах-амах гынна, Тыллаахөстөөх Тыыннаах тылбаас буолла. П. Ойуунускай
Баанньа оҕонньор саҥа алдьархайыгар дөйөн хаалан баран, тугу эрэ өйдүү сатыыр курдук, симириктээбитинэн, саҥата суох олоҥноон сылдьаахтыыр. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор бүтэн, олоҥноон, Ойууру ортотунан быһалаан, Оргууй дьиэтигэр ньөкөрүйдэ. С. Васильев