{олох + мас} табурет, табуретка; стул; олоппоско тиэрэ түс = развалиться на стуле; ср. устуул .
Якутский → Русский
олоппос
Якутский → Английский
олоппос
. chair
Якутский → Якутский
олоппос
аат. Олорорго аналлаах өйөнөрө суох эбэтэр өйөнөрдөөх дьиэ тэрилэ. ☉ Табурет, табуретка; стул. Талах олоппос. Өйөнөрдөөх олоппос. Дүлүҥ олоппос. Олоппоско тиэрэ түс
□ Оронуттан туран, муостаҕа түөрт атаҕынан дьөлө дьуоҕарбыт курдук халымааргы либиэй курдук олоппоско олордо. П. Ойуунускай
Тиэхэнэп өйөнөрдөөх олоппоско тиэрэ түһэн олорон, Уйбаан Уоһукабыһы сэмэлээбиттии көрөр. Н. Якутскай
Ыалдьыт уот кытыытыгар кэлэн сэлээппэтин уһулла уонна төгүрүк дүлүҥ олоппоско олорунан кэбистэ. С. Никифоров
♦ Абааһы олоппоһо көр абааһы
Ылыҥ, тэҥнэһиҥ! Пахай, сыалай биир тутумунан намыһаххын. Абааһы олоппоһо, туораа-туораа. Э. Соколов
Еще переводы: