Якутские буквы:

Якутский → Русский

устуул

стул; ср. олоппос.

Якутский → Якутский

устуул

олоппос диэн курдук
Хабырыыс аҕата сөбүлээн олорор устуулугар олордо. И. Гоголев
Хос иһигэр маҥан таҥас сабыылаах икки устуул, маҥан ыскаатардаах остуол, кырабаат тураллар. Л. Попов
Вася өс киирбэх туран, остуолу соһон тарылатта, устуулун көһөрдө. Н. Габышев
русск. стул


Еще переводы:

дьоодьоҕор

дьоодьоҕор (Якутский → Русский)

расшатавшийся покосившийся; дьоодьоҕор устуул расшатавшийся стул.

стул

стул (Русский → Якутский)

м. 1. устуул; 2. (подставка подо что-л.) атах, олох; 3. мед. хойууланыы; # электрический стул электрическэй устуул (АХШ--гар сууттаан өлөрөр орудие)', сидеть между двух стульев икки устуул ыккардыгар олор (икки утарыта өрүтү иккиэннэрин өйүүргэ сорун).

откинуться

откинуться (Русский → Якутский)

сов. тиэрэ түс, кэдирги түс; откинуться на спинку стула устуул өйөнөрү-гэр тиэрэ түс.

олоппос

олоппос (Якутский → Русский)

{олох + мас} табурет, табуретка; стул; олоппоско тиэрэ түс = развалиться на стуле; ср. устуул .

халбарыппахтаа

халбарыппахтаа (Якутский → Якутский)

халбарыт диэнтэн тиэт
көрүҥ. Оҕотоойоп устуулун халбарыппахтаан иэҕэҥнээн ылла. Софр. Данилов

подставной

подставной (Русский → Якутский)

прил. 1. эбии туруоруллубут; подставной стул в театре театрга эбии туруоруллубут устуул; 2. (ложный) сымыйанан булуллубут, албын; подставной свидетель сымыйанан булуллубут туоһу.

бүрүннэр

бүрүннэр (Якутский → Якутский)

бүрүн диэнтэн дьаһ
туһ. [Сэкэтэй Сэмэн:] Сылаабар бэйэм үөл ынах тириитин бүрүннэрбит курдук буолан хаалбыппын. Күндэ
Хабырыыс устуулун сиһигэр бүрүннэрбит хара хомуһуолун санныгар быраҕынаат, таһырдьа тахсан барда. «ХС»

кэккэлэһиннэр

кэккэлэһиннэр (Якутский → Якутский)

туохт. Кимитугу эмэ кытта кэккэлэһэр гына уур, тут о. д. а. Поместить (напр., положить, поставить) кого-что-л. рядом, в один ряд
Устууллары кэккэлэһиннэр.  Кирээдэҕэ иккилии лууҥканы кэккэлэһиннэрэн устатын тухары лууҥка оҥороллор. ВДИ ҮөКОБҮ

лохсоччу

лохсоччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Ордук улаатан көстөр гына (туох эмэ төрүт да улаханы). Возвышаясь, бросаясь в глаза
Улахан бэдэр бэргэһэтин лохсоччу уурунан кэбистэ. Устуулга лохсоччу олорунан кэбистэ.  [Абааһы киһи] отут болгуонан аттаран оҥорбут хобо моойторугун лохсоччу уурунан кэбиспит. ПЭК ОНЛЯ III

хампарый

хампарый (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Хампы түс, алдьан-кээһэн, үрэлин, айгыраа. Разбиваться, разрушаться, приходить в ветхость, ветшать
Халдьаайыга хампарыйбыт чабычах сыстан турар (тааб.: кулгаах). Сөмөлүөт хампарыйбыт кэбиинэтин иһигэр икки бойобуой лүөччүктэр үйэ-саас тухары уһуктубат ууларын утуйа сыталлар. Амма Аччыгыйа
Сиидэркэ суруксут устуулугар кэннинэн чинэрийдэ. Устуул, хаачыгыраат, хампарыйан хаалла. И. Гоголев
2. көсп. Эһин, суох буол, урусхаллан. Быть разбитым, побеждённым, быть уничтоженным, истреблённым
Киһи бөҕө кэбэхтэннэ, Сэрии бөҕө сэймэктэннэ, Хамаанда бөҕө хампарыйда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Колчак хампарыйан — Хара күнүм кэллэ. П. Ойуунускай
Өстөөх хампарыйбыта. Н. Заболоцкай
ср. др.-тюрк. хам ‘сваливать’, эвенк. кампари, капуогамии ‘разбиться вдребезги’