Якутские буквы:

Якутский → Якутский

онолҕонноох

даҕ.
1. Уһун, бүтэ охсон биэрбэт (хол., ырыаны-тойугу этэргэ). ☉ Длительный, заунывный (напр., о песне)
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа! Өксөкүлээх Өлөксөй
2. Киэҥ, дэлэгэй, холку (өйү-санааны этэргэ). ☉ Широкий, непринуждённый, свободный (о мыслях, рассуждениях)
Отут түүннээх күн Охсуһуу буолла Отут хонук туолуутугар Онолҕонноох санаа Кылгаталаан барда, Уһун тыын убаан барда. Д. Говоров


Еще переводы:

тускулаа

тускулаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кимҥэ эмэ үтүөнү, дьолу-соргуну баҕар, түстээ. ☉ Предвещать, желать кому-л. благополучия, добра, счастья
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бары-барыта кэбэҕэс, судургу, наар үчүгэйи эрэ тускулуур курдуга. В. Протодьяконов
2. көсп. Ким эмэ кэскилин оҥор, олоҕун оҥкуллаа. ☉ Предопределять, налаживать будущую жизнь, судьбу кого-л.. Оҕоҥ кэскилин тускулаа
□ Айыы Тойон уол оҕо ийэ кутун иҥэрэн биэрэр
Дьоллоох олоҕун тускулаан биэрэр. Саха нар. ыр. II
Уордаах уол оҕонон Уруудай тускулаатым. П. Ойуунускай

ордоо

ордоо (Якутский → Якутский)

аат. Сөҥ, дорҕоонноох хаһыы. ☉ Зычный крик, ор
Сур бөрө суодайар, Кычыйар таба кылыйар, Улаан муойка оҥторор, Дорҕоонноох саҥалаах Тойон киһи ордоото Тоҕус буолан доргуйар Тоҥ хайа буодьулаах. С. Зверев
Кылыс кыыс кылыкын Күлүүтэ-саҥата… Омун уол ордоотун Дуорааннаах сатата. В. Миронов
◊ Ордоо-дугуй — күүстээх-уохтаах, эрчимнээх, лиһигирэс (уолаттар). ☉ Молодые, энергичные, сильные (о людях)
Уҥа диэки өттүгүтүгэр Субан туруйа курдук Ордоо-дугуй Уолаттарда уктунаарыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо кулан — сөҥ дорҕоонноох (хаһыы туһунан этэргэ). ☉ Зычный (о крике)
[Муустаах муора] Өлүөнэҕэ Ордоо кулан куолаһынан, Сөҥ күөрэһин күөмэйинэн, Ыар ньаҥсаа тылынан саҥаран аныһыйда. Өксөкүлээх Өлөксөй. Ордоо <добун> халлаан фольк. — үрдүк, дорҕоонноох дуорааннаах халлаан. ☉ Гулкое высокое небо
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа! Өксөкүлээх Өлөксөй