Якутские буквы:

Русский → Якутский

опьянеть

сов. 1. итир; 2. перен.: он опьянел от радости кини үөрүүтүттэн төбөтө эргийбит.


Еще переводы:

холуочуй=

холуочуй= (Якутский → Русский)

подвыпить, слегка опьянеть, ср. итир=.

напиться

напиться (Русский → Якутский)

сов. I. чего и без доп. (утолить жажду) тото ис, утаххын ханнар; 2. (опьянеть) итир, итирэ ис.

көлчүй

көлчүй (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Түргэнник, эрчимнээхтик үүн (үүнээйи туһунан). Быстро идти в рост, пускать ростки
Күөх от көлчүйдэ. ПЭК СЯЯ
Күөх от көлчүйдэ, Араҕас алтан от аҥаарыйда. Саха нар. ыр. I
ср. телеут. көлүү ‘опьянеть’

итир-кутур

итир-кутур (Якутский → Якутский)

туохт. Айдааран, ыллаан-туойан итир. Опьянеть сильно, напиться допьяна (при этом шуметь, веселиться и т. п.)
Бэйэ эрэ, итирэ-кутура иликкэ, бии билсиэх буолбут билсиини тэрийиэххэ. П. Ойуунускай
Ким билэр, доҕор, ол бэйэ итирэн-кутуран ол-бу буоллаҕын аайы милиция сүүрэ сылдьыа дуо? Н. Заболоцкай

холуочуй

холуочуй (Якутский → Якутский)

туохт. Арыгы иһэн итирэ быһыытый. Быть подвыпившим, слегка опьянеть
Арыгыларын иһэн, Сүөдэрдээх Өрүүнэ холуочуйдулар. Амма Аччыгыйа
Сааската, өйдөөҕөр кини тылын быһа гыммат бэйэтэ, холуочуйдаҕына хахай хааннанан хаалааччы. У. Ойуур
Дьон аан бастаан холуочуйдахтарына элбэх тыллаах, кэлбит-барбыт, бэйэлэрин туттуна сатаабат буолаллар. СИВ АКУО

хоттор

хоттор (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кимиэхэ, туохха эмэ сабырыйтар, кыайтар (хол., күүс, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн). Быть побеждённым, терпеть поражение в чём-л. (в силе, борьбе, уме, знаниях и т. д.)
Нуучча маҥнайгы өрөбөлүүссүйэтэ хотторбутун кэнниттэн дойдуга ынырык реакция бүрүүкээбитэ. Софр. Данилов
Кини Л. Медвечуку кытта көһөрбүт баартыйатыгар пешкатын харыстаан, ладьятын атастаһыннарар түгэни биэрэн хотторор балаһыанньаҕа киирэн хаалла. «Кыым»
2. Ыалдьан, кырдьан биллэ-көстө мөлтөөбүт, дьүдьэйбит көрүҥнэн. Стать физически слабым, утратить здоровье по болезни, старости, лишиться силы, потерять физическую крепость
Эмээхсин биир кыһын устатыгар хайдах маннык хотторо кырдьаахтаабытай? И. Гоголев
Хабырыыс быйыл сэттэ уонун туолла. Онно эбэн, ааспыт сэриигэ ылбыт бааһа дьарҕаран, ордук хоттордо. ТМ ДК
Исидор ыалдьан эмиэ хаалбыта. Бэркэ хотторбут, киһи саҥатын аанньа истибэт буолбут этэ. «ХС»
Эстэн хаал, илиһин (хол., ыарахан үлэттэн). Почувствовать усталость, утомление от тяжёлой работы
Бастаан утаа харса суох кумах таһан, буор кутан, кэнникинэн бары да сылайан хотторо быһыытыйдылар. «ХС»
3. кэпс. Туох эмэ тас күүс (хол., ардах, тымныы) дьайыытыгар бэрин, оҕустар. Поддаваться, быть подвергнутым действию внешней среды (напр., дождю, холоду)
Ардахха кини ордук улаханнык хотторбут. Н. Заболоцкай
Сахалар кыыл, сүөһү тириитин бэркэ диэн таҥастаан, иҥиир сабынан тигэн, хоту дойду хабараан тымныытыгар хотторбот таҥаһы тиктэллэр. П. Филиппов
4. кэпс. Арыгы иһэн күүскэ итир. Не устоять на ногах от выпитого, опьянеть
Микииппэр оҕонньор, аанньа аһаабат-сиэбэт буолан, биллэ хотторон барда. В. Яковлев
Бэҕэһээ киэһэ эрэстэрээҥҥэ сылдьан, хата, олус хотторор гына испэтэх. «Чолбон»