Якутские буквы:

Якутский → Якутский

оп-соллоҥ

аат., миф. Иҥсэобот, туохха да туолбат, ааспат иҥсэ (былыргы саха итэҕэлигэр Оһол уолун дьиҥнээх аата). Алчность, ненасытность (в якутской мифологии имя собственное духа брани и увечий)
Оһол уола Оп-соллоҥ, Обот мэнэгэй, Уот Солуонньай, обургу, Уйусхах былыты олбохтонон …… Уһуутаан уйуһуйан эрэр эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй


Еще переводы:

иҥсэ-мэнэгэй

иҥсэ-мэнэгэй (Якутский → Якутский)

  1. аат. Туохха да туолбат имэҥнээх иҥсэ. Необыкновенная, невероятная прожорливость
    Аас-майах аргыстаах, Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх, Оп-соллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа …… Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Иҥсэ-мэнэгэй баар бу аан дойдуну алдьаппыт. А. Сыромятникова
  2. даҕ. суолт. Наһаа иҥсэлээх. Невероятно прожорливый
    Иҥсэ-мэнэгэй атыыһыттар ыла кэлэллэр, кинилэр бааллар хоту сири сиэччилэр! А. Сыромятникова
    Иҥсэ-мэнэгэй ньиэмэс фашистарын Иккистээн эргийэн кэлбэттик Ийэ сирим иэниттэн сиппийбитэ. С. Зверев
оһол

оһол (Якутский → Якутский)

аат. Алҕаска, дэҥҥэ эчэйии, өлүү. Несчастный случай; увечье, травма (при несчастном случае)
Чугастан оһолго тиийэ чугаһы чуҥнуу сатыыбын. Өксөкүлээх Өлөксөй
Киһиэхэ күҥҥэ түөрт уон түөрт оһол сыстар. А. Софронов
Үөһээ дойдуттан Үргүөр үргүйбэтин, Аллараа дойдуттан Аргыар аргыйбатын, Орто дойдуттан Оһол таарыйбатын. П. Ойуунускай
Оһол быатыгар — туох эмэ куһаҕан (хол., эчэйии) буоларыгар төрүөт буолуу. К несчастью (напр., травма). Оһол быатыгар тартаран бардаҕа. Оһолго түбэспит — саахалламмыт, дэҥнэммит. Попал в аварию (автомобильную), получил травму
Хайдах күн тура-тура оһолго түбэһэн иһэбин. «ХС». Оһол уола миф. — саха былыргы итэҕэлинэн, өс-саас, кыргыс, өлөрсүү таҥарата. По древним якутским поверьям, божество брани, раздора, битв
Оһол уола уруйдаата, Илбис кыыһа иэхэйдээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оһол уола Оп-соллоҥ, Обот мэнэгэй, Уот Солуонньай обургу, Уйусхах былытын олбохтонон Уһуутаан уйуһуйан эрэр эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оһол уола убайыҥ Оройгор-ойоҕоскор Онолуйа туойдун! П. Ойуунускай
ср. тюрк. усал, осол ‘небрежный, нерадивый; скверный, дурной’, монг. осол ‘небрежность, неосторожность; несчастный случай’