несов. см. отбросить.
Русский → Якутский
отбрасывать
Еще переводы:
элит= (Якутский → Русский)
откидывать, отбрасывать; ыраах элит = отбросить далеко.
илгитэлээ= (Якутский → Русский)
многокр. от илк = отбрасывать, выбрасывать, швырять (одно за другим).
илк= (Якутский → Русский)
в ф. основы обычно не употр. отбрасывать, отшвыривать кого-что-л.; ыла-ыла илгэн ис = брать и отбрасывать одно за другим; илгэн кэбис = выбросить, отбросить; отшвырнуть прочь.
хаһый= (Якутский → Русский)
1) рыть, копать отбрасывая (напр. землю); хаары хаһый = разгребать снег; 2) отбрасывать, откидывать, отшвыривать; туора хаһый= отшвырнуть что-л. в сторону.
эс= (Якутский → Русский)
1) выбрасывать, выкидывать; отбрасывать, откидывать; күрдьэҕинэн эс = выкидывать что-л. лопатой; хаары эс = отбрасывать снег; 2) перен. упразднять, ликвидировать, уничтожать; батталы эс = сбросить гнёт; 3) снимать, убирать (охотничьи и рыболовные снасти); илими эс= снимать сети; 4) разряжать; взрывать; сааны эс = разрядить ружьё; динамиты эс = взорвать динамит. эсер ист. эсер.
элит (Якутский → Якутский)
туохт. Тугу эмэ эрчимнээхтик киэр бырах, кыырат. ☉ Отбрасывать, откидывать, швырять что-л. с силой
Микиитэ хотуурун балаҕан үрдүгэр элиттэ. Амма Аччыгыйа
Бэргэһэтин соһуйбут курдук киэр элиттэ. Суорун Омоллоон
Тутан испит малын ыраах киэр элиттэ. Н. Заболоцкай
булгуй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Бурҕалдьыгын (хомууккун) эбэтэр туох эмэ моонньугар кэтэрдиллибити уһул. ☉ Освобождаться от запряжки, отбрасывая ярмо (хомут), распрягаться (напр., о воле ´, лошади); отбрасывать что-л., надетое на шею (напр., петлю). Оҕус бурҕалдьытын булгуйбут
□ Дьадаҥы аймах биһиги, Этэрбэс кэтээт Эрэйи билэн, Сон кэтээт Сору көрөн, Булгуйбат буулаҕа Бурҕалдьыны соспуппут. С. Васильев
Күнүс кини туһаҕын булгуйан кэһэн ааспыт …… бочугурастарга өстүйэ саныыра. Н. Босиков
2. кэпс. Туохтан эмэ тугунан эмэ аһарынан, куотунан аккаастан, буолунума. ☉ Отказываться от выполнения чего-л., оправдываясь чем-л., отговариваться
Ахсыһы бүтэрэн баран салгыы үөрэммэтэҕэ, булгуйан кэбиспитэ. В. Яковлев
илк (Якутский → Якутский)
туохт. Бэйэҕиттэн эмискэ киэр эс, киэр бырах (төрүт олоҕун ф-гар тут-бат). ☉ Отбрасывать, отшвыривать кого-что-л. от себя, смахнуть (в форме исходной основы не используется)
Сүгэтин туора илгэн кэбистэ. Софр. Данилов
Эмиэ биир балыгы сыыр аннын диэки илгэн баран, үчүгэй аҕайдык хардыылаамахтаан биэрдим. Н. Заболоцкай
Түүппүлэлэрин устан илгибитэ күөх от быыһыгар баран, түөрэх түстүлэр. А. Сыромятникова
♦ Киэр илгэр - суох оҥорор, суулларар; үүрэр. ☉ Свергнуть, изгнать, сбросить кого-что-л. (напр., правительство), отшвырнуть прочь
Бас бэриннэрбит норуоттара кинилэр былаастарын киэр илгэргэ дьулуһаллара. КФП БАаДИ
Хайдахтаах курдук кэрэний. Боярдары киэр илгиэхпит сааттары олордорго турунуохпут. АС НИСК
Колониализм хандалатын киэр илгибит сэттэ уонтан тахса саҥа судаарыстыбалар баар буоллулар. «Кыым»
силгэй (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Буору (хаары) хоруйа хас, тула хаһыйталаа. ☉ Рыть, разгребать (раскидывая вокруг землю, снег)
Холкуоспут саадьаҕай оҕуһа Хонууну муоһунан силгэйэр. Эрилик Эристиин
Саша сыыр буорун силгэйэр, ньиччэҕэй кырсы тиэрэ уурталыыр уонна начаас буолаат, кэнсиэрбэ бааҥката хаба ортотугар тиийэ үллэҥнэс мэҥиэ буола түһэр. Н. Заболоцкай
[Сибиинньэ] сөбүлээбэтэхтии кулгааҕын таллаҥната-таллаҥната муннунан сири силгэйэрэ. М. Горькай (тылб.)
2. Туора хаһый. ☉ Отбросить, отшвырнуть в сторону
Харах уулары, мурунтан-уостан халыйбыттары барытын ытыһынан биирдэ ньиккэрийэ сотон ылан таҥнары силгэйдэ. Амма Аччыгыйа
Силгэйбит оккунан Сэһэргээ хочоҕун, Хотууруҥ тылынан Хоһуйбут олоххун. А. Бродников
Арай ынырык охсуу кинини төттөрү силгэйэн, сиргэ элиттэ. Л. Толстой (тылб.)
3. көсп. Буору хас, тиэрдэр. ☉ Рыть, пахать землю
Хайаны хаһар, сири силгэйэр, буулаҕа күүстээх бухатыыр баар эбит (тааб.: тыраахтар). Солоон, тиэрэн силгэйэн Сонуок кэҥиир-нэлэйэр. К. Туйаарыскай
Сииктээх хара буор кэлимсэлэрин булуугунан силгэйэр саҕана, сааскы тыа үлэтин хайдах быһыылаах үлэлииргэ саҥардыы үөрэнэ сатыыбын. С. Тока (тылб.)
4. Куһаҕаны, сирбиккин туора хаһый (үчүгэйин талаары). ☉ Отбрасывать, откидывать негодное, плохое в сторону (оставляя лучшее, нужное). Муҥхаттан балыгын силгэйэн талаллар
хаһый (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Тугу эмэ илииҥ таһынан, туора тарыйан сыҕарыт, халбарыччы ас. ☉ Отбрасывать, откидывать, скидывать что-л. тыльной стороной руки
Мин бэрэмэдэйбин сиргэ хаһыйан кэбиһээт, төттөрү көтүттүм. Амма Аччыгыйа
Ааныс …… төҥкөйөн олорон, аҥаар саппыкытын устан хаһыйан кэбистэ. Н. Заболоцкай
Сарсыарда …… уһуктан, холто буолбут эргэ суорҕаммын хаһыйан олоро биэрбитим. П. Аввакумов
Киһим биир андыны мин диэки тарыйда, иккини бэйэтин диэки хаһыйда. «Чолбон»
2. Туох эмэ үрдүн тарыйан хас (хол., күрдьэҕинэн — хаары, буору). ☉ Разгрести, отгрести в разные стороны, разрыть чем-л. что-л. сыпучее, рыхлое (напр., лопатой — снег, землю)
[Бодойбоҕо] Көмүстээх буору Күрдьэҕинэн күртүлэр, Харчылаах буору Лаппаакынан хаһыйдылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьөгүөр хаары хаһыйа охсон, көмүрүө хаары ылан ыйыстыбыта. Амма Аччыгыйа. Мичил ойон кэлэн, хаары эһитэ хаһыйбыта, хаар анныттан Кустук кистээбит куобахтара тахсан кэлбиттэрэ. И. Федосеев
△ Илин атахтаргынан тугу эмэ (хол., буору, хаары) тарый, хас (кыылы этэргэ). ☉ Рыть, копать передними конечностями, разгребать что-л. (напр., землю, снег — о животных)
Атыыр оҕус …… күүстээх атахтарынан эрчимнээхтик буору кэннин диэки хаһыйара. Далан
[Ийэ сибиинньэ] муостаны атахтарынан хаһыйар. ДьСИи
Бөрө, атаҕынан хаары хаһыйан чөмөхтөөн, чиҥэтэн, кутуругунан сиппийэн, бэрт эрэйинэн муус балаҕан туттар. ПНО
ср. др.-тюрк. хазы ‘копать; вскрывать (рану)’