Якутские буквы:

Русский → Якутский

отстой

м. сөҥүү, хоймох.


Еще переводы:

ньоҕохтон

ньоҕохтон (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ убаҕастан иһит түгэҕэр сөҥөн хаал. Образовывать отстой, осадок в виде густой жижи на дне сосуда. Самыыр уута ньоҕохтоммот. Биэдэрэбит түгэҕэ ньоҕохтонон хаалбыт

сөҥөл

сөҥөл (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Туох эмэ убаҕастан түгэҕэр сөҥмүт хойуута, ардаҕа (хол., үүт, кымыс). Осадок, отстой чего-л. жидкого (молока, кумыса). Кымыс сөҥөлө. Үүт сөҥөлө

ньоҕох

ньоҕох (Якутский → Якутский)

аат.
1. Туох эмэ убаҕас иһит түгэҕэр сөҥмүтэ; убаҕас бадараан, кир. Густой отстой, негодная гуща какой-л. жидкости; жидкая грязь
[Тайыла ата] өрөҕөтө, ойоҕоһо ньоҕоххо буккуллан, соноҕоһо хайдах эрэ куччаата, дьүдьэхсийдэ. П. Тобуруокап
Үөрэтин үөрүүнэн аһыыра, Ол этэ аналлаах аһа диэн. Кытыйа ньоҕоҕун салыыра — Бүтэрэ ол курдук аһаан-сиэн. Эрилик Эристиин
Сөбүн эдэр сааһым хотон ньоҕоҕор баранна. П. Аввакумов
Симиир түгэҕэр сайыны быһа мунньустубут хойуу ньоҕох хаалара, ону ылан хатаран сааска диэри уураллара. ФВН ТС
2. көсп. Кимиэхэ эмэ үчүгэйи баҕарбат, искэ кистэнэ, сөҥө сылдьар өһүөн. Скрытая недоброжелательность, мстительность, затаённая злоба
Адьас ис ньоҕоҕо, кирдээх хос түгэҕэ суох, утарынан ыраас да, чиэһинэй да кэпсэтии! Үчүгэй да баҕайы! Н. Лугинов
Кини доҕотторо көнө сүрэхтээх, дьэллэм майгылаах дьон, кинилэргэ кэтэх санаа ньоҕоҕо ханан да сыстыбатах. А. Фёдоров
Ардыгар сымыйаны кырдьык курдук көрөн, ньоҕоҕу хостоһуу үчүгэйдик да олоруох дьону аймыыр. М. Попов

ардах

ардах (Якутский → Якутский)

аат.
1. Халлаантан сөҥүү буолан түһэр уу. Дождь
Сэмэнэп саҕана хас эмэ хонугу мэлдьи өрөөнсаараан туран ардах бөҕө түстэ. Суорун Омоллоон
Уһун ардах кэнниттэн сайыҥҥылыы сып-сылаас күннэр буоллулар. Софр. Данилов
Ардах ыаҕастаах уунан кута турара. М. Доҕордуурап. Тэҥн. самыыр
2. Түүнүк. Плесень. Бу от түгэҕэ ардах буолбут
Үрүҥ ас үөһээҥҥи дьүдьэйбит өттө. Верхний нечистый отстой старых (несвежих) молочных продуктов. Уһааттаах тар ардаҕынан саба бүрүллүбүт
ср. др.-тюрк. артах, агдах ‘испорченная пища’
3. түөлбэ. Тыаллаах хаар-сиир, буркун. Непогода, метель, пурга. Биһиги дойдубутугар кыһын ардах кэнниттэн арыт хойуу туман түһээччи
«Ардах» диэн биһиги, халымалар, хаары ааттыыбыт. А. Данилов
Ардах соно — ууну өтүппэт, ардахха кэтиллэр уһун чараас сон. Дождевик
Кини [Ганя] ол суһал соругун толоро охсоору тиэтэйэн, ардаҕын сонун ыҥыырыттан төлө тутан түһэрэ-түһэрэ, сиэллэрэн хохорута турбутун өйдүүбүн. «ХС». Ардах чиэрбэтэ — ардах кэмигэр сир үрүт араҥатыгар баар буолар, кытархай өҥнөөх үөн. Дождевой червь
Почва үөскээһинигэр почваҕа олохсуйбут ардах чиэрбэтэ, араас харамайдар, үөн-көйүүр личинкалара кытталлар. САИ ССРС ФГ. Этиҥнээх ардах — этиҥ этиитинэн, чаҕылҕан чаҕылыйыытынан доҕуһуолланар күүстээх ардах. Гроза
Сааһыары сайын этиҥнээх ардах түүнү быһа түспүтүн кэнниттэн, эн сарсыарда таһырдьа тахсаҕын. С. Васильев
Этиҥнээх ардах миигин эккирэппит курдук саба сүүрэн тахсан, ыаҕастаах уунан кутар курдук түстэ. Т. Сметанин

иэдьэгэй

иэдьэгэй (Якутский → Якутский)

аат. Аһыйбыт үүттэн оҥоһуллар үрүҥ ас. Творог (приготовляемый из скисшегося молока)
Тууйастаах иэдьэгэйдэрин билигин да тыыппакка сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Бэҕэһээ Мурсай ойоҕо, элбэх баҕайы иэдьэгэйи ыга турдаҕына, ааны өҥөйөн туран ытыспын тоһуйбуппар, өрүү тылланаҕын диэн, дэлби мөхпүтэ. Эрилик Эристиин
Хаппыт иэдьэгэйи хобордооххо кутан аҕалан, остуолга уурда. Р. Кулаковскай
Сакаастаабыт аспыт үксэ үрүҥ астан буолла. Хойуу сүөгэй, убаҕас сүөгэй, үүт, кымыс, иэдьэгэй онтон да атын. С. Васильев
Иэдьэгэй мэйии фольк. - акаары, тугу да толкуйдаабат, быһаарбат. Тупица, мякинная голова
Куба буолабуола!.. Ар-дьаалы!.. Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү? Туналыйбытын тухары толору көҥдөй, иэдьэгэй мэйии буолбат дуо кини. П. Ойуунускай
«Торуой хаамар үгэскин Тосту быһа хаалларан, Төрөппүт дьон үлэтигэр Көмөлөһөр туһунан Иэдьэгэй эт мэйиигэр Эмиэ өйдөөн көр!» - диэтэ. Р. Баҕатаайыскай. Иэдьэгэй эттээх фольк. - кэбирэх эттээх. Человек с нежным, белым, легко ранимым телом
Ол Үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу моҕой уот тыыннарын ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан тулуйуо дии санаабаппын. П. Ойуунускай
Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй
Иэдьэгэй уута - иэдьэгэйи оҥорорго тахсар убаҕас. Жидкий отстой творога, сыворотка
Салҕалаан тиийээхтээн иэдьэгэй уутун истэ. П. Ойуунускай
Хайыы-үйэҕэ балтараа нэдиэлэ буолла аҥаардас от силиһинэн уонна аһыы иэдьэгэй уутунан аһаабытым. Пьесалар-1960. Иэдьэгэй эрбэһин - сыыс от көрүҥэ. Вид сорной травы. Бу сири иэдьэгэй эрбэһин былдьаабыт. Иэдьэгэй эриэн - быдьына-быдьына харалаах эриэн (сүөһү өҥүн туһунан). В крапинку, крапчатый (о масти коровы)
Иэдьэгэй эриэн ынах.  Мукугур муостаах, муунта үүттээх Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх, Боппууда үүттээх иэдьэгэй эриэн Боруода ынах солбуйда. С. Зверев
ср. монг. эдьэгэй 'сметана'