несов. эрийэ-буруйа бар.
Русский → Якутский
петлять
Еще переводы:
өнүн (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс.
1. Төттөрү-таары сырыт, туора ой, буруй, суолгун бутуй (куобах туһунан). ☉ Петлять, путать (затаптывать) свои следы, идти по ним же назад, намётывать петли и крюки, делать дальний прыжок вбок (напр., о зайце). Көр, бу куобах өннүбүт. Тыатааҕы арҕаҕар киириэн иннинэ суолун өннүбүт үһү
2. Куруук сылдьар ыыргыттан, олорор сиргиттэн тэй, ыраат. ☉ Отрываться, отдаляться от постоянного местожительства (насиженного места). Дойдугуттан өннүбүтүҥ ыраатта дуо?
□ Төрөөбүт өтөххүттэн өннүбэккэ, Тиэрийбит тиэргэҥҥиттэн тэйбэккэ [өлүөҥ]. Өксөкүлээх Өлөксөй
мунньаҥнаа (Якутский → Якутский)
дьүһ. туохт.
1. Кө нөтүк буолбакка, икки өттүгэр эриллэҥнээ, эриллэҥнээн бар. ☉ Извиваться, изгибаться, петлять
Эриэн үөн күлүк диэки мунньаҥнаата. Алаа Моҕус араастаан түүрүллэҥниир, мунньаҥныыр, икки муоһа туллан түһэллэр. И. Гоголев
Уйаанды үрэх хайа быыһыттан мунньаҥнаан киирбитэ. «ХС»
2. Тугу эмэ сөбүлээбэккэ мускулун; сирэйгин араастаан тутун. ☉ Дёргаться, передёргиваться; делать ужимки, гримасы, недовольную мину
Кыыс мунньаҥныымунньаҥныы суорҕанын анныгар киирэн түүрүллэн хаалар. Амма Аччыгыйа
— Аны эн миигин булума, — диэбитэ, Ачаа кыыс мунньаҥныы, кубулуна. С. Данилов
△ көсп. Кубулҕатыр, араастаан кубулун. ☉ Кривляться, выламываться, капризничать
— Павел, ол-бу буолан мунньаҥнаама! Өскөтө таҥнараары гыннаххына, мин бэстилиэтим обуойматыгар эйиэхэ анаммыт буулдьа сылдьар. Н. Якутскай
Ол-бу буолан мунньаҥнаама, а н ы э н м и н и л и и м и һ и г э р бааргын. Уустаах Избеков
Ол дьахтар ку һаҕаныттан, быһа ол-бу буолан мунньаҥнаан, Ылдьааны ити үлүгэрдээх алдьархайга тиэрдибитэ. И. Алексеев
эриллэҥнээ (Якутский → Якутский)
- Араастаан эрилин-бурулун, эрийэ-буруйа хамсаа. ☉ Извиваться, виться, змеиться, петлять
Окуопабыт бу субуллан барда дии, оол эриллэҥнии турда. Амма Аччыгыйа
Үрэх сүүрүгэ буору-сыыһы ытыйан, эриллэҥнии устубута. В. Иванов
Эриэн үөн мас көөбүлүгэр саһаары эриллэҥнээн эрэр эбит. «Чолбон»
Уот, кыһыл моҕой үөн курдук эриллэҥнээн, чачыгырыы умайар. Уйулҕан К - Араастаан имиллэҥнээн хамсан, өттүккүнэн оонньоо (киһини этэргэ). ☉ Кривляться, извиваться телом, виляться (о человеке)
Киһилэрэ бары сүһүөхтэринэн эриллэҥнээн, физзалы тула хааман мускуллан киирэн барда. Э. Соколов
Любалаах ойон туран, муусукаҕа уйдаран, үҥкүүлээн эриллэҥнээтилэр. А. Никифорова
Кыыс күлэ-үөрэ күлүмнээн, өттүгүнэн оонньоон устудьуон уол тула эриллэҥниир. У. Ойуур - көсп., кэпс. Кимиэхэ эмэ иҥээҥнээн, чугаһыы сатаан араастаан кубулҕатыр, мунньаҥнаа (үксүгэр дьахтары этэллэр). ☉ Манерничать, жеманиться, ломаться, добиваясь чьего-л. расположения (обычно о женщине)
Ити дьахтар эриллэҥнии сытыйан баран, ол да иһин мааҕыҥҥыттан сыстаҥнаабыт эбит дии! В. Титов
[Омоҕой:] Эр булунан эриллэҥнээбиккин иҥиир иэнниирим буолуо. «Чолбон»
Мин эйиэхэ эриллэҥнээбитим дуо, бэйэҥ сырса сылдьыбытыҥ дии. Күрүлгэн