- Араастаан эрилин-бурулун, эрийэ-буруйа хамсаа. ☉ Извиваться, виться, змеиться, петлять
Окуопабыт бу субуллан барда дии, оол эриллэҥнии турда. Амма Аччыгыйа
Үрэх сүүрүгэ буору-сыыһы ытыйан, эриллэҥнии устубута. В. Иванов
Эриэн үөн мас көөбүлүгэр саһаары эриллэҥнээн эрэр эбит. «Чолбон»
Уот, кыһыл моҕой үөн курдук эриллэҥнээн, чачыгырыы умайар. Уйулҕан К - Араастаан имиллэҥнээн хамсан, өттүккүнэн оонньоо (киһини этэргэ). ☉ Кривляться, извиваться телом, виляться (о человеке)
Киһилэрэ бары сүһүөхтэринэн эриллэҥнээн, физзалы тула хааман мускуллан киирэн барда. Э. Соколов
Любалаах ойон туран, муусукаҕа уйдаран, үҥкүүлээн эриллэҥнээтилэр. А. Никифорова
Кыыс күлэ-үөрэ күлүмнээн, өттүгүнэн оонньоон устудьуон уол тула эриллэҥниир. У. Ойуур - көсп., кэпс. Кимиэхэ эмэ иҥээҥнээн, чугаһыы сатаан араастаан кубулҕатыр, мунньаҥнаа (үксүгэр дьахтары этэллэр). ☉ Манерничать, жеманиться, ломаться, добиваясь чьего-л. расположения (обычно о женщине)
Ити дьахтар эриллэҥнии сытыйан баран, ол да иһин мааҕыҥҥыттан сыстаҥнаабыт эбит дии! В. Титов
[Омоҕой:] Эр булунан эриллэҥнээбиккин иҥиир иэнниирим буолуо. «Чолбон»
Мин эйиэхэ эриллэҥнээбитим дуо, бэйэҥ сырса сылдьыбытыҥ дии. Күрүлгэн
Якутский → Якутский
эриллэҥнээ
Якутский → Русский
эриллэҥнээ=
равн.-кратн. от эрилин= извиваться; эриэн үөннүү эриллэҥнээ = извиваться как змея; хайалар быыстарынан суол эриллэҥнээн барар между гор вьётся дорога.
Еще переводы: