несов. что билгэлээ, чинчити-нэн буол, бэлиэтинэн буол.
Русский → Якутский
предвещать
Еще переводы:
ыралаа= (Якутский → Русский)
предрекать, предсказывать; предвещать; үчүгэй сырыыны ыралаа = предвещать счастливый путь; куһаҕаны ыралаа-ма нельзя предрекать недоброе.
ыралаа (Якутский → Якутский)
туохт. Инникини төлкөлөө, сылыктаа; туохха эмэ баҕар, тугу эмэ ыра санаа оҥоһун. ☉ Предвещать будущее; мечтать, представлять себе что-л. в будущем
Наар кыыс оҕону ыралыыра. Н. Лугинов
Олоҥхо дойдутун хоһуйарыгар норуот бэйэтин дьоллоох кэскилин ыралыыр. И. Данилов
Хаһан баҕарар үчүгэйи эрэ ыралыахха наада. Г. Нельбисова
Ыралыыр диэн үчүгэй. Сатаан ыралаабат киһи, син биир көтөр кыната суоҕун тэҥэ. «ХС»
тускулаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Кимҥэ эмэ үтүөнү, дьолу-соргуну баҕар, түстээ. ☉ Предвещать, желать кому-л. благополучия, добра, счастья
Тоҕус ордоо добун халлаан тойотторо, Онолҕонноох тойукпутун Умсары тускулаамаҥ даа. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бары-барыта кэбэҕэс, судургу, наар үчүгэйи эрэ тускулуур курдуга. В. Протодьяконов
2. көсп. Ким эмэ кэскилин оҥор, олоҕун оҥкуллаа. ☉ Предопределять, налаживать будущую жизнь, судьбу кого-л.. Оҕоҥ кэскилин тускулаа
□ Айыы Тойон уол оҕо ийэ кутун иҥэрэн биэрэр
Дьоллоох олоҕун тускулаан биэрэр. Саха нар. ыр. II
Уордаах уол оҕонон Уруудай тускулаатым. П. Ойуунускай
таҥхалаа (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Таҥха кэмигэр сэрэбиэйдэн. ☉ Гадать на святках
Ороһуоспа түүн хайдах сэрэбиэйдиир, таҥхалыыр туһунан сүбэлэһии-сипсиһии бөҕө буоллулар. И. Гоголев
Былыр дьон таҥхалыыбыт диэн сүллүүкүн иһиллии ойбоҥҥо, иччитэх дьиэлэргэ баар буолаллара. В. Кондаков
2. кэпс. Туох эмэ буолуохтааҕы бүтэйдии таайан эт, билгэлээ. ☉ Предсказывать, предвещать что-л. «Быйыл ардахтаах дьыл буолара буолуо, кус түөһүн уҥуоҕа хааннаах», — кус атыылааччы саха таах туруохтааҕар күнү-дьылы таҥхалыыр. И. Гоголев
«Сарсын куобаҕы арай “пөс” гына тэптэххэ эрэ турара буолуо, барбах, хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии сытар күнэ иһэр», — диэн таҥхалааммыт, …… сарсыарда эрдэттэн куобахтыы барарга болдьостубут. Р. Кулаковскай