I
аат. Туох эмэ дьайыыта кылгас кэмҥэ тохтооһуна, тохтоон, ханнан ылыыта. ☉ Прекращение, приостановка действия чего-л.
Саалар букатын тыаһаабаттар. Эмиэ аҕырым буоллаҕа... И. Эртюков
Аҕырым ардахпыт ааһыыта Арҕааттан сотору күн көрүө — Айылҕа аймана айдаарыа, Айана, үлэтэ салҕаныа. «ХС»
Түүн кус аҕырымыгар тахсан, эҥин-эгэлгэ кэпсээн бөҕөнү түһэрэбит. И. Федосеев. Дьогдьоот күһүн аҕырым тымныы быыһыгар сылаас түүннэр бүрүүкээннэр, куобах аһыыр тыатыттан быкпатаҕа. БН ЫБ
II
аат. Күһүн сир харатына, бастаан түһэр тымныы, тымныы тыал; күһүн быстах тымныйыы. ☉ Раннее осеннее похолодание; осенний холодный ветер (после чего обычно наступает потепление)
Аҕырыма аастаҕына, халлаан көнүө, дьыл эрдэ. СГФ СКТ