даҕ.
1. Олус кыһыылаах, абалаах; санаарҕабыллаах. ☉ Обидный, досадный, печальный
[Дьөгүөрдээн] Микиитэни уонна Өлөксөйү …… сыллаан-уураан баран, саас биирдэ эргиллиэх буолан, ыраах сиргэ айанныыра тиийэн кэллэҕинэ, улахан хомолтолоох суол буолар эбит. Амма Аччыгыйа
Оҕоҕут ыалдьан хаалбыта хомолтолоох суол. Дьүөгэ Ааныстыырап
Э.К. Пекарскай тылдьытын ордук хомолтолоох итэҕэһинэн, …… тыл сорох өттүн көтүппүтүгэр буолар. АПС СТЛ
2. Кутурҕаннаах, аһыылаах. ☉ Прискорбный, печальный
Боруонтан бииртэн биир хомолтолоох сурахтар кэлэллэрэ. С. Никифоров
Үгүс дьон өллүлэр даҕаны Умнуллан хаалаллара олус хомолтолоох. И. Гоголев