I
курулаа I диэнтэн холб. туһ. Тиит маһын тэҥкэтэ, уһуктаах чыпчаалынан үрдүк күөх халлаан ньуурун аала турбатах абаккабыт баар эбит диэх курдук, куугунаһа, курулаһа, иҥиэттэ-иэдэйэ турдахтара үһү. Н. Неустроев
II
даҕ.
1. Күүстээх, биир тэҥ бүтэҥи тыастаах. ☉ Издающий глухой шум, проливной (дождь)
Курулас самыыр. — Дохсун буурҕа, курулас самыыр Диэн дуол тохтообоккобут, Чолбон сулустуу чаҕылыҥныыр Алмаас тааһы буллубут. Эллэй
2. Тохтор, сууллан түһэ турар (хол., кумах). ☉ Осыпающийся, сыпучий (напр., песок)
Курулас кумаҕынан көрбүт сыҥаһалаах үрдүк сыыр. П. Филиппов