населенный пункт
Якутский → Русский
нэһилиэнньэлээх пуун
пуун
в разн. знач. пункт; түмсэр пуун сборный пункт; нэһилиэнньэлзэх пуун населённый пункт; уураах пууна пункт постановления.
Якутский → Английский
пуун
n. point, period [<Russ. пункт]
Якутский → Якутский
пуун
аат.
1. Туохха эрэ анаммыт, онно сөптөөх оҥоһуулаах сир. ☉ Место, специально предназначенное и приспособленное для чего-л.. Нэһилиэнньэлээх пуун. Эмтиир пуун
□ Тугу да билбэт буолбут киһини биһиги саньытаардарбыт булан бэрэбээскэлиир пууҥҥа илпиттэрэ. Суорун Омоллоон
[Бадин:] Былаан быһыытынан баандалар төрүт пууннарыгар быһаарыылаах кимэн киирии саҕаланар. С. Ефремов
Общественнай бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ тирэх пууннар чахчы тирэх буоллулар. «Кыым»
2. Докумуон, сурук кэрчиктэрэ, өлүүскэлэрэ (үксүгэр кэрискэ нүөмэрдэнэр). ☉ Раздел документа, текста (обычно нумеруется), пункт
Уонтан тахса суол пууннаах уһун уураах ылылынна. Күннүк Уурастыырап
[Тимэппий:] Хомуурга тоҕуу-хоруу диэн букатын суох буолуохтаах диэн пууну дуогабарга киллэрбэккэ умнан кэбиспит этиҥ. Күндэ
Дакылаат кэнниттэн сир үллэһигин устурууксуйатын, хас биирдии пууннарынан тус-туспа быһаара-быһаара, ааҕан биэрдибит. А. Бэрияк
Еще переводы: