прил
үлэҕэ баҕалаах, сүрэхтээх (үлэһит)
Русский → Якутский
работящий
работящий
прил. разг. үлэһит, бүгүрү.
Еще переводы:
хоһуун (Якутский → Русский)
1) трудолюбивый, работящий; хоһуун оҕо трудолюбивый ребёнок; 2) уст. смелый, храбрый; удалой; хоһуун быһыы смелый поступок; хоһуун киһи храбрый человек; 3) уст. энергичный; хоһуун туттуу-хаптыы энергичные движения.
үлэһит (Якутский → Русский)
- 1) рабочий; эдэр үлэһит молодой рабочий; 2) работник, сотрудник; партийнай үлэһит партийный работник; научнай улэһит научный сотрудник; 2. 1) работящий; работяга; 2) работоспособный, трудоспособный; үлэһит киһи работоспособный человек; 3) трудовой, трудящийся; үлэһит норуот трудовой народ # хара үлэһит чернорабочий; үрүҥ үлэһит служащий; үлэһит илии рабочая сила.
баабый (Якутский → Якутский)
- даҕ., кэпс. Модьу-таҕа көрүҥнээх, илиитигэр күүстээх; кыайыгас, үлэни кыайар. ☉ Физически крепкий, здоровый; работящий
Эһэм түөрт кырыылаах модьу харытын, баабый баппаҕайын имэрийэн көрөрүм, кини курдук күүстээх-күдэхтээх буолуохпун баҕарарым. В. Протодьяконов
Көр эрэ, кыргыттаар, мин ийэм сүрдээх баабый дьахтар эбитэ үһү, кыыһырдаҕына, аҕабын орон анныгар симэн кэбиһэрэ үһү. А. Федоров. Глеб Васильевич бэйэтэ эмчит киһиэхэ букатын маарыннаабат, эсэһит, булчут курдук баабый, төрөл уолан этэ. Н. Габышев - аат суолт., көсп., поэт. Кыайыгас үлэһит, бухатыыр. ☉ Всемогущий, силач
Бухатыыр тыраахтар, эн • үйэ баабыйа, Холкуоһуҥ олоҕун тутаҕын. Күннүк Уурастыырап
ср. тюрк. баабай, бабай (звательная форма от общетюркского бааба, баба ‘отец, дед, старик’)
сүрэхтээх (Якутский → Якутский)
даҕ. Үлэлиирин сөбүлүүр, дьарыга суох олорорун сөбүлээбэт. ☉ Любящий трудиться, трудолюбивый
Ананий, сүрэхтээх киһи, ыал аайы сааттарын быыһыгар олорорго анаан хаптаһын ыскаамыйалары оҥортообут. М. Доҕордуурап
Быйыл үчүгэй сайын буолан, хортуоппуй силигилии үүннэ. Сүрэхтээх ыаллар олбуордарын иһин киэптии олортулар. Р. Баҕатаайыскай
♦ Үс сүрэхтээх түолбэ. — дьонтон таһынан ураты үлэһит (киһи). Чрезмерно работящий (человек)
◊ Сүрэхтээх аат эргэр. көр аат I
Сүрэхтээх аата Сөдүөччүйэ диэн, Сааһа да саамай сөп, Уон сэттэтин уолдьаспыт кыыс. А. Софронов
Татыйыына диэн сүрэхтээх аата умнуллубут. Болот Боотур
Сүрэхтээх аатым Мартын, Айбыт аҕам Уйбаан диэн, Уйбаан уола Мартыыммын. И. Гоголев
хоһуун (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Үлэҕэ-хамнаска сүрэхтээх, туругас-олоругас, сыыдам. ☉ Трудолюбивый, деятельный, работящий
Хоһуун киһи хоргуйбат (өс хоһ.). Абаҕата кинитээҕэр өссө ордук хоһуун булчут этэ. С. Никифоров
[Софрон] ийэтэ быһа-бааччы саҥалаах-иҥэлээх, бокуойа суох үлэлии-хамсыы сылдьар, бэрт хоһуун эмээхсин этэ. Н. Кондаков - Хорсун, эрдээх, хотоойу санаалаах. ☉ Смелый, храбрый, отважный. Хоһуун быһыы
□ Эн хоһуун буоллаххына, Эр бэрдэ буоллаххына, Туллук күн тапталынан Туундараны таптыаҕыҥ. С. Данилов - аат суолт. Хорсун, хоодуот киһи. ☉ Смельчак, храбрец, орёл. Дьон хоһууттара, бэртэрэ мустаннар тохтотоору баһыгар оҕуур быраҕаллар, ону быаларын быһа көтөр. Саха фольк.
ср. тюрк. кошун ‘войско’
сүрэх-бэлэс (Якутский → Якутский)
аат. Туохха барытыгар көхтөөх, дьаһаллаах буолуу; үлэни-хамнаһы өрө тутуу, үлэһит буолуу. ☉ Позитивный настрой; трудолюбие. Олоххо сүрэх-бэлэс улаханы быһаарар
□ Табаарыһым сүрэҕэр-бэлэһигэр ымсыырабын. П. Аввакумов
Агент үлэтэ тус бэйэ сүрэҕиттэн-бэлэһиттэн, дьону кытта хайдах сыһыаннаһан кэпсэтэриттэн, итэҕэтэриттэн улахан тутулуктаах. «Кыым»
♦ Сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт — туохха барытыгар олус көхтөөх, дьаһаллаах; үлэни өрө туппут, олоро түһэр диэни билбэт. ☉ Проявляющий инициативу, хватающийся за всё с энтузиазмом; очень трудолюбивый, работящий. Бу уол барыгабары сүрэҕэ-бэлэһэ бэрт
□ «“Анаан ураҕас быстан” буола-буола, сүрэхтэрэбэлэстэрэ бэрт ээ кинилэр», — абатыйда Дьэллик. Н. Заболоцкай. Сүрэҕэбэлэһэ киирбит — урут сүрэҕэлдьиир бэйэтэ күүскэ үлэлииргэ соруммут. ☉ Он стал усердно трудиться, проявлять трудолюбие (хотя раньше такого не замечалось)
Сүөдэр сүрэҕэ-бэлэһэ киирбит, тиэтэйбитэ сүр. М. Доҕордуурап
[Айаан] урут олус сүрэҕэлдьиир бэйэтэ, дьэ сүрэҕэ-бэлэһэ киирэн, аҕата тиэйбит саһаан маһын ийэтэ сөбүлүүрүнүү синньигэс гына хайытан, сааһылаан дьонуттан хайҕаммыта. Н. Габышев. Сүрэх-бэлэс киһи — олус үлэһит, сүрэхтээх киһи. ☉ Очень трудолюбивый человек. Мөдөөт курдугун көрүмэ, интикэҥ сүрэх-бэлэс киһи
□ Буркун, учуутал киһини кыра оҕо курдук хайгыыр солуута суох да буоллар, кыайан туттуммата: «Атаһым дьэ сүрэх-бэлэс киһигин!» — диэн баран санныттан ыга кууһан ылла. И. Гоголев
Ээ, Ларисаҥ киһитинэн үчүгэй ээ. Элэккэй бөҕө, көнө, судургу, сүрэх-бэлэс бөҕө киһи — тугу барытын сатыыр даҕаны, кыайар даҕаны. В. Яковлев. Сүрэх-бэлэс муҥутаан үгэрг. — дьаһаллаах, үлэһит муҥутаан («онтон кини хаалыа дуо?» — диэн этии.) ☉ Экий трудяга, как же без него (обычно о человеке, с энтузиазмом участвующем в веселье, развлечении). Сүрэх-бэлэс муҥутаан үлэтигэр ылсыбытынан барда
□ «Сүрэх-бэлэс муҥутаан олоруо үһү дуо, дьэ кини? Кимхайа иннинэ ойдоҕо эбээт!» — диэн эмээхсин кийиитин мөҕүттэ олордо. «ХС»
быт (Якутский → Якутский)
аат. Сүөһү, сорох көтөр, киһи этигэр-хааныгар үөскүүр хааны уулуур үөнкөйүүр. ☉ Вошь
Хабырыыс хаайыллыбыта ахсааннаах хонук ааспытын кэннэ, түүнүктээх түрмэ хотун түгэх түптүрүгэр кулахы кутуллубут, быт быгыалаабыт. А. Софронов
Ол саҕана кыһалҕа биһигини быттааҕар ордук сиирэ. М. Шолохов (тылб.)
♦ Быта да суох — туга да суох, быста дьадаҥы. ☉ Не имеющий никакого личного имущества, денег, крайне бедный, нищий (букв. у него даже вшей нет). Туохтаах буолуой, ыстааныгар быта да суох ини
□ Күтүр уонна баһыгар быта да суох. А. Федоров. Быт сиэтэҕинэ • тарбаныллыа — улахан буолбатах, наада буоллаҕына бэрт түргэнник оҥоруллуо (ээл-дээл, кыһамньыта суох дьон тустарынан). ☉ Невелика важность, надо будет, сделаем быстренько (букв. когда укусит вошь — поцарапаемся). Ээ, чэ буоллун, быт сиэтэҕинэ — тарбаныллыа. Быт хаамыыта — олус бытаан айан, хамнааһын. ☉ Очень медленное, тихое движение, путешествие (соотв. черепашья ходьба, езда)
Дьэ, бэрт бытааннык айаннаан, холобурун эттэххэ, быт хаамыытын хаамтаран, этэтириитэ баранан, сырата-сылбата быстан …… Ааллаахха тиийэн тохтообута үһү. П. Ойуунускай. Бытым да бытыгыраабата — аһаабыт да саҕа буолбатым, олох топпотум. ☉ Совсем не наелся
Аһаттылар да, бытым да бытыгыраабата. НАГ ЯРФС I. Сир быта — 1) бэрт сэмэй, лоп бааччы, бүгүрү үлэһит киһи (кыра уҥуохтаах икиһи туһунан). ☉ Аккуратный и работящий человек маленького роста, работяга
«Сир быта» диэн ааттыыллара эйигин, Кыйма кымырдаҕаска холууллара эйигин ...Барҕа быччыҥнаах үлэ киһитэ, Өркөн өйдөөх үлэ киһитэ. Софр. Данилов; 2) киэҥ билиилээх, барыны бары билэр киһи. ☉ Человек, осведомленный во всем
Сир быта киһи билэн эттэҕэ буолуо. СГФ СКТ
Аргыһах, сир быта, итини билэр. Күннүк Уурастыырап; 3) саҥата-иҥэтэ, иҥэ-дьаҥа суох киһи. ☉ Молчаливый и тихого нрава человек.
◊ Быт сааҕа — быт сымыыта. ☉ Гнида. Тураах быта — саас саҥа түспүт хаар үрдүгэр баар буолар хап-хара кыра үөннэр. ☉ Мелкие черные насекомые, которые часто наблюдаются весной (в апреле) на поверхности свежевыпавшего снега (букв. воронья вошь)
Быйыл саас хаар үрдүгэр тураах быта элбэҕэ бэрт. И. Гоголев