Якутские буквы:

Якутский → Русский

сабырҕат=

побуд. от сабырҕаа = 1) быстро и сильно ударять, шлёпать (напр. мокрой тряпкой); 2) энергично и быстро сосать (матку — о телятах и жеребятах).

Якутский → Якутский

сабырҕат

тыаһы үт. туохт. Тугу эмэ тугунан эмэ «сап-сап» гыннара охсуолаа. ☉ Бить, ударять по чему-л. мягкому или чем-л. мягким (напр., мокрой тряпкой), издавая шлёпающие звуки, шлёпать
Ийэтэ Балааҕыйа, баар-суох бурдугун тохторон, Кыһыллаайыны талаҕынан сабырҕаппыта. Л. Попов
«Этэрбэһин адьас сиэбит дии, ибили кэһэн кэбиспит», — дии-дии ийэм, инчэҕэй этэрбэспин уһулу тардан ылан, көхсүбүн сабырҕатар. Н. Тарабукин (тылб.)
△ Туох эмэ хойуу аһы баһан тыастаахтык уобалаа. ☉ Хлебать какую-л. густую пищу, шлёпая губами
Ыраас нууччалыы дьиэҕэ халыҥ, киппэллибит көҕүстээх киһи аһаан сабырҕата олорор. М. Доҕордуурап
△ Эмиийи тыастаахтык обор, эмп (ньирэйи этэргэ). ☉ Сосать матку, причмокивая губами (о телятах)
Таһырдьа томторуга суох торбостор, ийэлэрин эккирэтэ сылдьан эмэн сабырҕата-сабырҕата, төттөрү-таары тойтороҥноһоллоро. Р. Кулаковскай


Еще переводы:

сабырҕатыы

сабырҕатыы (Якутский → Русский)

и. д. от сабырҕат =.

сабырҕаппахтаа

сабырҕаппахтаа (Якутский → Якутский)

сабырҕат диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тойонноох хотун аһаан-сиэн сабырҕаппахтаатылар. ПЭК ОНЛЯ III

шлёпать

шлёпать (Русский → Якутский)

несов. разг. 1. кого-что, по чему (бить) сабырҕат, таһый; шлёпать по руке илиигэ сабырҕат; 2. саллырҕат, лэбиргэт, чалырҕат; шлёпать туфлями түүппүлэлэрги-нэн саллырҕат; шлёпать по лужам чалбаҕы кэһэн чалырҕат.

сабырҕаччы

сабырҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Сабырҕатан, сабырҕаан тыаһыыр гына. ☉ Производя размеренные шлёпающие звуки, шлёпая
Түргэн айантан дьагдьайбыт Сэмэн быыстала суох буоһатын тардыалыы, сабырҕаччы таһыйа истэ. Р. Кулаковскай

сабырҕатыс

сабырҕатыс (Якутский → Якутский)

сабырҕат диэнтэн холб. туһ. Сарылыы-сарылыы Сабырҕатыстылар, Кылана-кылана кырбастылар. С. Данилов
Күн судаар туһугар тупсан бастакы үрүүмкэлэрин истилэр уонна уураһан сабырҕатыстылар. М. Доҕордуурап

тохтор

тохтор (Якутский → Якутский)

тоҕун диэнтэн дьаһ. туһ. Ууну тохтороору гынныҥ
□ [Күөх Көппө:] Аны табахпын тохтордо. Суорун Омоллоон
Ийэтэ Балааҕыйа баарсуох бурдугун тохторон, Кыһыллаайы талаҕынан сабырҕаппыта. Л. Попов

үҥүлүйбэхтээ

үҥүлүйбэхтээ (Якутский → Якутский)

үҥүлүй диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Торбос] омунугар ийэтин бэриҥин үҥүлүйбэхтээн ылаыла, түөрт эмиийин хардарыта эмэн сабырҕатта. Р. Кулаковскай
Эбии ас көрдүүр — Үҥүлүйбэхтиир, Сиикэй муннунан Сигэммэхтиир. ВСП ТЭ

отшлёпать

отшлёпать (Русский → Якутский)

сов. кого, разг. сабырҕатан биэр, таһыйан биэр.

нашлёпать

нашлёпать (Русский → Якутский)

сов. кого, разг. сабырҕата түһэн биэр, таһыйан биэр.

аппаҥнас

аппаҥнас (Якутский → Якутский)

I
аппаҥнаа диэнтэн холб. туһ. Чыычаах оҕолорун айахтара ас көрдөөн аппаҥнастылар
□ Кытыыга хаалбыт балыктар дириҥҥэ төннө сатаан, кураанах салгыны эҕирийэн аппаҥнаһаллар. Л. Попов
II
даҕ. Түргэн-түргэнник аһыллар уонна сабыллар (хол., айах туһунан). ☉ Быстро и часто открывающийся и закрывающийся (напр., рот при поспешной, очень торопливой еде)
Илиитэ сарбаҥнас, айаҕа аппаҥнас, хараҕа аан диэки — түргэн-түргэнник сабырҕатан кэбистэ [саламааты]. П. Ойуунускай
Силиппиэн хараҕын симэн, бэл муннун тыаһатан көрдө да уута кэлбэтэ. Кэлэн иһэн сыҥааҕырдаан айаҕа аппаҥнас этэ. Софр. Данилов