- санаа I диэнтэн бэй., атын. туһ. Ити билигин санаммыт санаалар төрүттээх курдуктар
□ Сайсары диэн дойдуга Дыгын тойон диэн киһи сахаҕа ыраахтааҕы курдук сананан олорбута үһү
Саха фольк. Абааһы аймаҕын кыайдыбыт дии сананан, үһүө мустан тахсан, эмиэ арҕаа диэки баран иһэллэр. Суорун Омоллоон
Кырдьык, саамай дьоллоох олоххо олорор курдук сананарым. С. Ефремов
Аҕам аатын уонна араспаанньатын сатаан илии баттаан адаарытар буоллум …… улахан үөрэхтээх киһи курдук сананным. А. Бэрияк
2
санаалан 3 диэн курдук. [Симон:] Дьиэбэр тиийээт, ийэбин кытта быһаарыстахпына сатанар диэн булгуччулаахтык сананна. Л. Попов
Быйыл эйиэхэ барарга сананным. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кини кырдьаҕас булчут сананан олорор сиригэр барара табыллыбат ээ. С. Никифоров
Билигин биһиги дьоммут халлааҥҥа ханнык даҕаны көтөр сананан көрбөтөх үрдүгэр кыырайа көтөллөр. Н. Габышев
△ Киһини эбэтэр тугу эмэ суох гынарга, өлөрөргө сорун. ☉ Намереваться уничтожить кого-л. физически
Биһиги сырдык тыыммытыгар сананан, хааннаах илиитин көтөхпүт өһөгөйдөөх өйдөөх Москваҕа киирээри …… сирэйэ-хараҕа суох иннин диэки дьулуһара. А. Бэрияк
Онон кини [эһэ] сылгыга да, ынахха да боотурҕаабат этэ. Эгэ, киһиэхэ сананыа дуо? И. Федосеев
Якутский → Якутский
санан
Якутский → Русский
санан=
1) задумываться, думать; бэйэҕит тускутун сананыҥ подумайте о себе (т. е. о своём положении); 2) решаться, намереваться; замышлять; кини быйыл үөрэнэргэ сананар он в этом году намеревается учиться; 3) считать, полагать; ити үлэни кыайыам диэн сананабын я полагаю, что смогу выполнить эту работу.
Еще переводы: