сыһ., бэт. Ынах, биэ ууламмытын билээри кэннинэн илиигин уган, илиигинэн (бил, бэрэбиэркэлээ). ☉ Ректально (проверять стельность скотины)
Саптарыллыбыт уонна эрдэ төрүүр ынаҕы, бургунаһы сулуйан бэрэбиэркэлээһин уһулуччу суолтаны ылар. АГГ СУоД
[Бэтэринээр] ынахтар ууламмыттарын чуолкайдаары, иккиикки аҥаар ый буолан баран, сулуйан бэрэбиэркэлээн көрөр. «Кыым»
Биһиги бэтэринээр испэсэлиистэр көмөлөрүнэн кэмнэринэн арааран биэс төгүл сулуйан бэрэбиэркэлээһини олохтоотубут. «ХС»