- 1) гадкий, мерзкий; сидьиҥ үөн мерзкая тварь; 2) дошедший до крайней степени падения (очень грязный, неряшливый и т. п.); 2. мерзость, скверна.
Якутский → Русский
сидьиҥ
Якутский → Якутский
сидьиҥ
- даҕ.
- кэпс. Киһи сиргэниэн курдук куһаҕан, быдьар, быртах. ☉ Гадкий, мерзкий, вызывающий отвращение. Сидьиҥ кыыл. Сидьиҥ өлүү
□ Сир сидьиҥ үөнэ Чэҥэрикээн кутуйах [чабычах] Сиксигин сиритэ кэбийдэ
Саха фольк. [Андаҕарбын булгуттахпына] Хотугу өлүү буолан, Хол-буут арахсыым; Сидьиҥ өлүү буолан Симэлийэ ууллуум. Өксөкүлээх Өлөксөй
Тобугун үрдүнэн Торбос сыалыйалаах …… Сидьиҥ дьүһүннээх Симэхсин эмээхсин Үөһүн таттаран, Үөгүтэ иһилиннэ. П. Ойуунускай
Сибиинньэ туохха да туолбат, наһаа моҕус, наһаа иҥсэлээх, оботтоох, көрөргө-харайарга олус түбүктээх, сидьиҥ, киһи күүһүн-күдэҕин эһэр кыыл. В. Протодьяконов
△ Кирдээх, чанчарык (хол., үлэ туһунан). ☉ Связанный с грязью, нечистотой, грязный (напр., о работе)
Нарколог-быраас үлэтэ ыарахан, ол эрээри дьоҥҥо чахчы биллэр-көстөр туһалаах. Ол эрэ толуйар Вера Сергеевна санаатыгар кини түбүктээх, ыарахан, быыһыгар сидьиҥ да үлэтин. Далан - Киһи кэлэйиэн курдук түктэри, сиэрэ суох куһаҕан. ☉ Вызывающий отвращение своей неприличностью, порочностью, аморальностью, омерзительный, мерзкий. Сидьиҥ сигили. Сидьиҥ быһыы. Сидьиҥ тыл
□ Арҕаа Европаны уу курдук кэспит өстөөх сэриитэ томороон күүстээҕин, сидьиҥ сигилилээҕин саха норуота билэр этэ. Амма Аччыгыйа
Сидьиҥ быһыыны, сымыйаны өсөһөн, куттаан кыайбаккын. Харса суох охсуһан эрэ кыайыахха сөп. Софр. Данилов
Киһи биир сидьиҥ өрүттээх буолла да, атына көмүс да дуйдааҕын иһин, син биир сидьиҥ киһи. Н. Лугинов - аат суолт.
- Туох эмэ киһи сиргэнэрэ, кэлэйэрэ, куһаҕана, түктэритэ. ☉ Что-л. гадкое, мерзкое, омерзительное, вызывающее отвращение, гадость, мерзость
Сирэйбин-харахпын киртитэн, Сидьиҥин ыраастатар Симэхсин оҥостуох буолла. П. Ойуунускай
[Тыаһааны:] Өлбүт дьон уҥуохтарын үөһэ Үүс тэллэҕи тэлгээн утуйуохтааҕар Хардаҥ окко сир сидьиҥиниин Хоонньоһон утуйбут ордук. И. Гоголев
Үүнэн иһэр үтүө үйэ бэртэри төрөтөр, хаалан сүтэн эрэр үйэ үөһэ ахтыллыбыт курдук, сидьиҥи, чиччиги үөскэтэр. Н. Заболоцкай
Бэҕэһээ киэһээҥҥи кэпсэтииттэн Кууһума, бадаҕа, олус кэлэйбитэ. Туох эрэ сидьиҥтэн, куһаҕантан куотан эрэрдии сирэйин мырдыс гыннараат, тэйэ хаампыта. С. Федотов - үөхс. Киһини олус куһаҕан быһыылаах-майгылаах, туох да кэрээнэ суох диэн үөхсэн этии. ☉ Гад, подлец, мерзавец
«Ыйаа! Сидьиҥ!» — диэн хоруйдаабыта Оксана. Суорун Омоллоон
Ылдьаа субу тиийэн ол сидьиҥ сиһин үөһүн тардыах курдук омуннуран барда. Н. Заболоцкай
[Сүөкүлэ:] Кииригиэм, …… ханнык хара сидьиҥнэр бу дьүһүҥҥүн дьүһүлээтилэр. С. Ефремов
«Сидьиҥ, саата суох!» — диэбитэ киниэхэ [Наташа]. Л. Толстой (тылб.)
ср. др.-тюрк. сидиҥ, кирг. жижиҥ ‘недержание мочи’, эвенк. сидынг ‘неряха’
Еще переводы: