Якутские буквы:

Якутский → Русский

сиикэрэ

нареч. немного, мало; не густо; быйыл сиикэрэ отон үүммүт в этом году ягоды мало.

Якутский → Якутский

сиикэрэ

даҕ.
1. Олус бытархай, быыл курдук таммахтардаах, кыырпахтардаах (ардах, хаар). Моросящий (дождь); мелкий (снег), пороша
Сиргэ тиийэ таҥнары намылыйбыт ыар былыттаах, сиикэрэ ардахтаах күһүҥҥү күннэри ааҕааччы бука өйдүүрэ буолуо. Н. Заболоцкай
Сиэрэй халлаан сиикэрэ хаары Сиксийэ турда, мээккэ бурдуктуу. С. Тимофеев
Сиикэрэ ардаҕынан тибиирдэ, Сиккиэр тыалынан иһиирдэ. «ХС»
Сиикэрэ хаар кыыдамнаабыта, онтон эмискэ күүскэ түһэн көбүрүнньүктэппитэ. А. Пушкин (тылб.)
2. көсп., кэпс. Элбэҕэ суох, хойуу буолбатах, аҕыйах, ханнык эмэ. Небольшой, малый (о количестве)
Булт мөлтөх үһү. Сиикэрэ куобах баара баран эрэр. Н. Босиков
«Сиикэрэ булт баар, оттон син», — Буокай оҕонньор, утуйар таҥаһын соһон киллэрээт, хардарда. А. Сыромятникова
«Сиикэрэ дьэдьэн баар эбит», — диэтэ уонна оҕонньору оҕус сыарҕатыттан түһэрдэ. Н. Босиков

иикэрэ-сиикэрэ

даҕ. Бытархай таммахтарынан биллэ-биллибэттик, тохтуу-тохтуу түһэр (ардах туһунан). Мелкий и прерывистый (о дожде)
Иикэрэ-сиикэрэ ардахтаах киэһэ биир уостаах туурка саатын ылан, соҕотоҕун барбыта. И. Сысолятин


Еще переводы:

сиибэр

сиибэр (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Өлгөмө суох, убаҕас, сиикэрэ. Необильный, негустой, жиденький (об урожае хлебов, ягод, а также о дожде)
Сиибэр от-бурдук үүммүтэ. ПЭК СЯЯ

силбирэҥ

силбирэҥ (Якутский → Якутский)

көр сиппэрэҥ
Курулаччы кутта ардах, Омуна тугун сүрэй! Силбирэҥҥэ хата кырдал Отун охсор үчүгэй. М. Ефимов
Эн [муусука] сааскы этиҥнэр эдэр эрчимнэринэҕин, Сиикэрэ түүннэр силбирэҥнэринэҕин. В. Дедюкин

сиимэр

сиимэр (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Сиикэрэ. Моросящий
Сиимэр самыыр түһэн Сэбирдэҕи быыһынан Сип-сап силигирэйдэ. С. Васильев
Кыайыы-хотуу ити сылаас тыына, Сырдык олох кыыһар кыыма …… Сиимэр ардах Сир кырсын тириэрэринии, Дьон дьулуурун өрө күүрдэр, Дьолго-сырдыкка тиэрдэр. С. Васильев