- сирэйдээ 3 диэнтэн атын. туһ. Мотуруона …… санаатыгар дьол уол оҕонон сирэйдэниэхтээх. Н. Павлов
Манна [хоһооҥҥо] Ийэ дойдуга иһирэх таптал сардаана сибэккинэн сирэйдэнэн бэриллэр. «ХС» - Сирэйиҥ-хараҕыҥ олоруута уларыйбыт буол, уларыйбыт дьүһүннэн. ☉ Менять выражение, принимать какой-л. вид (о лице)
Уон түөрдүн-биэһин диэки …… Үргүүк дьүһүннэннэ, Дьиэгэнис сирэйдэннэ, Дьиэрэҥкэй идэлэннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьон ааһар арбы-сарбы Сорох олохтон дьиксиммит, Сылаарҕаабыт сирэйдэммит. Р. Баҕатаайыскай
Охоноон дьэ дьикти оҕонньор буоллаҕа: сүргэтэ көтөҕүлүннэр эрэ адьас кыра оҕо сирэйэ сирэйдэнэр. Л. Попов - Сирэйгин хайа эмэ диэки туһулаа, хайа эмэ сир диэки хайыс. ☉ Быть, повернуться лицом к чему-л.
Оҕонньор өлүгэ кини диэки сирэйдэнэн сытарын көрдө. В. Чиряев. Бука бары үтүрүһэүтүрүһэ хонууга симсэн олохторун булуналлар, күн тахсар сирин диэки сирэйдэнэллэр. Эвен фольк. - Тута харахха быраҕыллыбат гына тугунан эмэ хаххалан, тугу эмэ хахха оҥоһун. ☉ Прятаться, скрываться, прикрываясь чем-л.
Көмнөхтөөх мастарынан сирэйдэнэн, бэрт сэрэҕинэн иннилэрин диэки үөмэн киирэн бараллар. Н. Якутскай
Иирэ талахтарынан сирэйдэнэн кустарга чугаһаатылар. Т. Сметанин
[Бандьыыттар] түүн аппа талахтарынан сирэйдэнэн икки-үс сүүс саһааннаах сирдэргэ сыыллан киирэн, сарсыарда халлаан сырдыыта дэриэбинэни ытыалаатылар. П. Филиппов - Көнөтүнэн буолбакка, киминэн-тугунан эмэ саптынан сылдьан тугу эмэ гын, оҥор. ☉ Прикрываясь кем-чем-л., делать что-л. неблаговидное
«Айыы Таҥара аатынан сирэйдэммиккин тоскун ылыаҥ!» — диэн тииһин быыһынан кыбдьыгыраата Дьэлмэ. Н. Лугинов
Муҥхаҕа сылдьабын диэн сирэйдэнэн, кинилэр нэһилиэктэригэр Болтоҥоттон Охоноон Новгородов диэн киһи кэлбитэ. И. Федосеев
Баайдар …… сирэй бэйэлэринэн хамсаабакка олороннор, кыра дьонунан сирэйдэнэн, ол-бу буола сатаабыттара. Эрилик Эристиин
тюрк. чирай, бур. шарай
♦ Тыаны сирэйдэн — дьоҥҥо-сэргэҕэ көстүбэккэ наар хара тыаҕа сырыт, тыаҕа дугуйдан. ☉ Скрываться от людей в лесу, постоянно уходить в лес
Уолум ойоҕун баран аҕалбыта аҕыйах хонно да, ойоҕо туой тыаны сирэйдэнэр буоллаҕа үһү. Н. Неустроев
Кыыл курдук, хара тыаны сирэйдэнэн сылдьыма, бэрин, сааҕын-саадаххын туттар, дьоҥҥор киир. Суорун Омоллоон
Икки атахтаах билбэтинэн …… тэринэн, сис тыанан сирэйдэнэн, Кураанах диэн кыра үрэххэ тиийбиппит. И. Никифоров
Якутский → Якутский
сирэйдэн
Якутский → Русский
сирэйдэн=
страд. от сирэйдээ = 1) обтёсываться, быть обтёсанным (о бревне); 2) надрубаться, подрубаться, быть надрубленным, подрубленным.
Еще переводы: