сонордос диэнтэн хай
аата. Халлаан үөл-дьүөл сырдаан эрдэҕинэ, сонордоһуубун саҕалаабытым. Н. Абыйчанин
Рукопиһы сонордоһууну сыал, сорук оҥостон утумнаахтык дьарыктаннахха эрэ туох эмэ түмүктэниэхтээх. ФЕВ ДьС
Якутский → Якутский
сонордоһуу
сонордоо
туохт.
1. Булду эбэтэр киһини суоллаан кэнниттэн батыс, эккирэт; суоллаан бултаа (ордук түүлээххэ этиллэр). ☉ Преследовать по следам зверя или человека; промышлять, выслеживая (обычно пушного зверя)
Күн ахсын [Фёдор Охлопков] өстөөҕү сонордуур. Кини сыалга ылбыт ньиэмэһэ — өлбүт ньиэмэс. Д. Кустуров. Биирдэ Күндэлэй туундараҕа кыыл табаны хойобуннаан баран өр сонордуур. «ХС»
Кииһи сир-сир аайы араастаан бултууллар. Холобур, киин оройуоннарга ытынан сонордууллар. «ХС»
2. көсп. Туох эмэ тута ситиһиллибэти, сыралааҕы эккирэт, дьаныс. ☉ С упорством гнаться за чем-л. труднодостижимым
Ийэкээм, сырдык сыалы Сонордоон өр тэлэһийдим, Элбэх киэҥ куйаар тыалын санныбынан силэйдим. И. Гоголев
Түөрт-биэс сыаналары үрдүкү кылаастар оҕолоро үчүгэй киинэҕэ билиэти булар курдук сонордууллар. Н. Габышев
Кини санаата көмүстэн уонна сонордообут дьолуттан арахпат. И. Бочкарёв
3
кэпс., көр сойуолаа. Бэрэссэдээтэл тойоммут иирээри гыммыт быһыылаах. Тоҕо эрэ миигин өһүүр, миигин наар сонордуур. П. Ойуунускай
Соҕотохтуу миигин наар Сонордооҥҥут хаһымаҥ. Миигин кытта хаарыллыах Биир да киһи суох дуо, ама? Р. Баҕатаайыскай
[Урут] норуот туһугар биир эмэ ыалдьааччы …… тахсаары гыннаҕына, араастаан сонордоон, баайсан, балыйан туран, самнары тэпсэр этилэр буолбат дуо? Амма Аччыгыйа
сонордос
сонордоо диэнтэн холб. туһ. Саха — булчут омук
Эһэни, тайаҕы, күндү түүлээҕи бэрт былыргыттан сонордоһоро. М. Чооруоһап
Сахаар Мэхээлэйэбис, бүтүн бөһүөлэк дьонуттан миэхэ туоххун былдьатан, хаһан суолгун туора үктэтэн сонордостуҥ? Н. Борисов
Суруйааччы — булчут, кини олох ойууругар, кииһи сонордоһор курдук, уус-уран булумньуну көрдүүр. КНЗ СПДьНь
Якутский → Русский
сонордоо=
прослеживать, выслеживать (зверя) по первому осеннему снегу; тайаҕы сонордоо = выследить лося по первому осеннему снегу.
сонордос=
совм.-взаимн. от сонордоо=.
Еще переводы: