даҕ.
1. Үрдүк таһаарыылаах, күүрээннээх (хол., үлэ). ☉ Ударный (труд). Охсуулаах үлэ
□ Охсуулаах үлэһит Дьөгүөссэ Мастары сулуйан сыыйталыыр
Кинини куотуһан Бүөтүссэ Аҕыйах охсуунан бысталыыр. Эрилик Эристиин
Кулууп акылаатын түһэриигэ дьиҥнээх охсуулаах үлэ саҕаламмыта. АҮ
2. Үгүс өттүгэр ыарахан, куһаҕан содуллаах, соттуктаах, сабыдыаллаах. ☉ Имеющий тяжёлые последствия
Маҥнайгы кыра иирсээн улахан охсуулаах буолаары гыммытыттан Өлөксөй ыксаабыта. Д. Таас
Кырдьык, Кылбановскай барар күннээх буоллаҕына, икки өттүгэр охсуулаах буолар. В. Яковлев
Маннык эйгэҕэ, куһаҕан туруктаах кэмҥэ, үлэлиир охсуулаах: аһаҕас халлаан анныгар хаалбыт тимири дьэбин быһа сиирин кэриэтэ. Р. Баҕатаайыскай
3. Оллурдаах-боллурдаах, нэксиэлээх (хол., суолу этэргэ). ☉ Ухабистый, неровный (о дороге)
Сорох суол эриэ-дэхси, Сорох холус охсуулаах. С. Данилов
Мин бүгүн кынаттаах курдукпун, Охсуулаах суоллары ааһаммын. «ХС»
4. Күүһүрдэн, чиҥэтэн этиллэр сүһүөхтээх (тыл туһунан этэргэ). ☉ Ударный (о слоге)
Биир сүһүөхтээх нууччалыы тыл О дорҕооно мэлдьи охсуулаах буолар. ПНЕ СТ