Якутские буквы:

Якутский → Якутский

соһолоох

I
даҕ. Соһонон суруллубут, кырааскаламмыт. Расписанный, окрашенный охрой
Соһолоох суорба таас хайаларын Аллараа таһааларыгар …… олорбут. П. Ойуунускай
Уолан киһи Уҥуоҕа оппуохалаах, Кыыс дьахтар Кырааската соһолоох. С. Васильев
II
аат., түөлбэ. Быйыт. Ленок (вид рыбы)
«Дьарҕааны, соһолооҕу, оҕонньор дьиэлээх, хата, хостуу сытар ини», — дэстилэр булчуттар. Н. Заболоцкай
Өймөкөөҥҥө …… соһолоох, дьайба онтон да атын балыктар …… бааллар. Н. Босиков


Еще переводы:

быйыт

быйыт (Якутский → Якутский)

аат.
1. Кыһыл лапчааннардаах кыра соҕус өрүс балыга (устата муҥутаан 70 см тиийэр). Ленок (рыба)
Хаһалаах хатыыһы, Тууччаҕы, быйыты, Күндүөбэй бастыҥын Тууһата күннэтэ Туттарар эбиттэр. С. Данилов
Сарсыарда илимнэриттэн эмис быйыты ылан, көтөн иһэр хаастартан доруобунан биири түһэрэн, тото күөстэнэн аһаатылар. «ХС»
Сытыы, сымса сиэмэх быйыттар, ойуу дьэрэкээн алыһардар элэҥнэһэллэрэ, сордоҥнор сундулуһаллара. Далан. Тэҥн. соһолоох
2. түөлбэ. Собо кырата. Карасевая молодь.
ср. тюрк. мыйыт ‘ленок’

сорҕо

сорҕо (Якутский → Якутский)

аат., эргэр.
1. Күөрт тумсун уот сиириттэн харыстаан кэтэрдиллэр халыҥ туой туруупка. Глиняная трубка, вставляемая в горновое окно, фурма. Сорҕо курдук муруннаах
2. Биһик ороҥҥо оҕо иигэ сүүрэн түһэригэр аналлаах куоһаах. Жёлоб на дне детской колыбели для стока мочи
Биһик оҥорон билгэрэҥнээтэ, сорҕо оҥорон сордонно. П. Ойуунускай
Бэрдьигэстээх үрэҕиттэн Биһик маһа хайыттым …… Соһолоох үрэҕиттэн Сорҕо маһын быстым. Саха нар. ыр. II
ср. монг. цорго ‘горлышко (чайника), перегоночная трубка’, алт., кирг. ‘носик (чайника); кран’

дэс

дэс (Якутский → Якутский)

диэ диэнтэн холб. туһ. Дьонум алаадьы, эт сиэхпит дэстилэр. Дьүөгэ Ааныстыырап
«Дьарҕааны, соһолооҕу, оҕонньор дьиэлээх, хата хостуу сытар ини», - дэстилэр булчуттар. Н. Заболоцкай
«Петя бүгүн кэлэн туос тордуйа буолан устан ньолбойор үһүө, таастыы, биирдэ уу түгэҕин булар ини»,- дэстилэр сорохтор. М. Доҕордуурап
Эн-мин дэс (дэһис) - кимниин эмэ доҕордуу, эйэлээх буол. Жить в дружбе, в полном согласии, в ладу с кем-л.
Миитэрэйдээҕи кытта эн-мин дэһэн хардарыта ылса-бэрсэ, көмөлөсүһэ олорор этибит. Далан
Кинилэр саастарын тухары ыаллаһан, баччаҕа диэри бэркэ эн-мин дэһэн кэлбиттэрэ. Н. Лугинов
Дьонум бэрт өрдөөҕүттэн эн-мин дэспит үөлээннээхтэр эбит. Күндэ. Тэҥн. дэмнээхтик

үҥкүр

үҥкүр (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Туруору соҕус үрдүк (хол., алаас, күөл эниэтэ). Отвесный и высокий (напр., о береге озера)
Үҥкүр хайалаах, сүһүөҕэ суох оттоох, мөҥүрээбэт оҕустаах баар үһү (тааб.: төбө). Бу «Соһолоох хадаар» диэн дайды. Анныгар Мурун [сир аата] баар. Ол хаҥас өттө — үҥкүр сирэй, уҥуор өттө хайыр таастар. Болот Боотур
Кини [мас] үҥкүр хайа күн көрөр чабырҕайыгар үүммүтэ. Н. Павлов
2. Кыра күөл. Маленькое озеро, озерцо
Улахан кураан буолан, Кур Оттоох үҥкүрэ уута уолан, уолбатыйан хойуу, баһар от үүммүт. В. Протодьяконов
Биллэрин курдук, саха дьоно кыра күөллэри үҥкүр диэн ааттыыллар. Багдарыын Сүлбэ. Булчут киһи куталаах тыымпылары, эмпэ кытыылаах үҥкүрдэри көрөрүҥ буолуо, уулара толору дии… ТМ ДК
ср. тув. үҥгүр ‘нора, берлога’, др.-тюрк. үҥүр ‘пещера, грот, полость’