с. 1. (слияние) холбоһуу, түмүллүү; 2. (скопление в одном месте) мустуу, бөлүөхсүү; стечение публики дьон-сэргэ мус-туута; 3. (совпадение) түмүллүү, уопсуһуу; стечение обстоятельств быһыы-майгы уопсу-һуута.
Русский → Якутский
стечение
Еще переводы:
түбэлтэ (Якутский → Якутский)
аат.
1. Омос буола сылдьыбыт быстах туох эмэ түгэн. ☉ Происшествие, случай, факт
Итинник быстах түбэлтэнэн киһини сыаналыыр адьас сыыһа. Суорун Омоллоон
Биирдэ фроҥҥа маннык түбэлтэ буолбут. С. Никифоров
2. Туох эмэ тугу эмэ кытта биир кэмҥэ сөп түбэһиитэ, тэҥҥэ буолуута. ☉ Совпадение чего-л. с чем-л. во времени, случайность
Көрүҥ эрэ, хайдах түбэлтэний: болдьоспут курдук тэҥҥэ киирэн кэлэллэр. В. Яковлев
Бу түбэлтэ — хараҕа суох Ньукулааскы уонна Дабыыт суолга түбэсиһэ түһүүлэрэ кыра уолчаан инники олоҕор улахан сабыдыалламмыта. У. Нуолур
[Пограничниктар] туппут агеннарын куоттаран кэбиспиттэр, Давид Баклановы куоттарбыттара — түбэлтэ. Н. Якутскай
Өһөс санаатыгар түбэлтэ тосхойоорой диэн сүүрэн истэ. «ХС»
3. кэпс. Туох эмэ табылларыгар, сатанарыгар тоҕоостоох түгэн түбэһиитэ. ☉ Стечение обстоятельств, случай
[Тыа оскуолаларыгар] «5» сыана, уһулуччу эрэ түбэлтэлэргэ туттуллар эбит. Н. Лугинов
[Бадин:] Командующайга бакыаты тиэрдиэхтээххин, бакыат ханнык да түбэлтэҕэ өстөөх илиитигэр киириэ суох тустаах. С. Ефремов
Алмаастаах боруоданы сууйуу уустук үлэтигэр илии үлэтэ икки эрэ түбэлтэҕэ туттуллар. И. Данилов
◊ Өлүү түбэлтэлээх — ордук кыһалҕалаах кэмҥэр буолар, түбэһэр (алдьархай, үлүгэр туһунан). ☉ соотв. к несчастью. Өлүү түбэлтэлээх, ньиэмэстэр ыкса чугаһаабыттара
түмэн (Якутский → Якутский)
- аат. Элбэх киһи биир сиргэ түмсүүтэ; дьон сомоҕолоһуута. ☉ Скопление, стечение большого числа людей где-л.; единение народа
Бардым өлүүлээх түмэҥҥэ Өлбөт иһин! Таллан Бүрэ
Түмэн диэн былыр «гвардия» диэҥҥэ маарынныыр суолталааҕа. «Сахаада» - даҕ. суолт.
- Биир сомоҕо, түмсүүлээх. ☉ Сплочённый, хорошо организованный
Сүүс киһи түмүллэр Түмэн сүбэҕитинэн сүбэлээҥ. Д. Говоров
[Бухатыырдар:] Сиик курдук Сиэлэн эрэллэр, Хаар курдук Хааман эрэллэр, Сүүс киһи түмэн Сүбэтин сүбэлээ. ТТИГ КХКК
Улуу тойон эһэм, төлөрүйбэт Түмэн дьүүлгүн таһаара оҕус! И. Гоголев - Хараҥа, дьулаан. ☉ Тёмный, страшный
Түмэн бараан Түүн ийэлэрэ Хараҥанан хаайан, Сытарынан кыһарыйан Тиийэн кэлбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Түмэн хара былыттара, Түрбэлээх туос курдук Үҥкүрүйэн түһэн иһэр эбиттэр. Д. Говоров
Түмэн сир түһүлгэтиттэн Төннөн тиийэр буоллахпытына, Ахтыбыппыт бэрдиттэн Араҕас ньээкэ буордаргыттан …… Сыллыа-ууруо этибит. И. Эртюков
♦ Түмэн дойду фольк. — улаҕата биллибэт улахан, киэҥ дойду. ☉ Необъятно широкая, громадная страна, мир
Түмэн дойду Түннүгэ буолбут, Биэс улуус Билгэһитэ буолбут, Сэттэ улуус Сээркээн сэһэнэ буолбут [кырдьаҕас]. Өксөкүлээх Өлөксөй
Бу хайа түмэн дойду Түллэр төбөтүттэн Сүһүөҕэ биллибэт Сүргүөһүнэ эбитэй диэн Толкуй бөҕө буолла. Д. Говоров
[Манчаары Баһылай] Түмэн дойду түҥнэстигэс дьүүлүгэр түбэһэн, түүнүктээх түрмэҕэ төлкөлөммүт. В. Протодьяконов
◊ Ил түмэн — Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай мунньаҕа, парламена. ☉ Государственное собрание, парламент Республики Саха (Якутия). Ил түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ
др.-тюрк., тюрк. түмэн