Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сулбу-салбы

көр сулбу-халбы
Томмот туран, сулбу-салбы аһаан, дэриэбинэ уһугун диэки күөх ыстаабаннаах дьиэни көрдүү барда. Софр. Данилов
Максим сулбу-салбы хааман дьиэтигэр тиийдэ. П. Филиппов


Еще переводы:

грим

грим (Якутский → Якутский)

аат. Сыанаҕа оонньонор оруолга сөп түбэһэр сирэйи оҥостуу, онно туттуллар араас тээбирин көрүҥэ. ☉ Грим
[Самыырап] гримин көннөрүнээт, сулбу-салбы сыана диэки барда. Софр. Данилов

холустук

холустук (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Сэрэҕэ суохтук, холуоннук. ☉ Неосторожно, неуклюже, грубовато
Самыырап …… холустук ойон турда уонна сулбу-салбы сыана диэки барда. Софр. Данилов
Кини холустук оонньообутун буруйга ааҕынна быһыылаах. Д. Таас
2. Сүөргүлүөххэ айылаахтык, толоостук. ☉ Несколько неприлично, неделикатно, грубовато
Коля саҥарбата. Мин холустук тылласпыппын кэмсинэ санаатым. С. Данилов
Бэл, эбисийээнэлэр оҕолоро ийэтэ суох иитилиннэхтэринэ бэйэлэрэ ийэ буолан баран, оҕолоругар олус холустук сыһыаннаһаллара быһаарыллыбыта. ВУА БС