Якутские буквы:

Якутский → Якутский

суохтаах

аат эб. Буолуохтаах киэп кэлэр бириэмэтин буолбат форматын үөскэтэр. ☉ Образует отрицательную форму будущего времени долженствовательного наклонения (не должен)
Дьиҥнээх идиэйэтин туһугар тугун да кэрэйиэ суохтаах. Амма Аччыгыйа
Киһи көҥүлэ хаһан да хааччахтаныа суохтаах. А. Абаҕыыныскай


Еще переводы:

повториться

повториться (Русский → Якутский)

сов. 1. хатылан; это ке должно повториться! бу хатыланыа суохтаах!; 2. см. повторяться 2.

сатарытылын

сатарытылын (Якутский → Якутский)

сатарыт I диэнтэн атын. туһ. Наассыйа сомоҕолоһуутун сатарытыллыа суохтааҕа. В.И. Ленин (тылб.)

тоҥхолдьус

тоҥхолдьус (Якутский → Якутский)

тоҥхолдьуй диэнтэн холб. туһ. Кулгааҕа Суохтаах [уол аата] дьоҥҥо тиийэн кэлэн тоҥхолдьуһаллар. Саха фольк.

ыыһанылын

ыыһанылын (Якутский → Якутский)

ыыһан диэнтэн атын
туһ. Бэриллэр астар ыһаарыланыа, ыыһаныллыа, арыынан-сыанан чаалыйыа суохтаахтар. АВТ ГСЭ

ньаччыҥнат

ньаччыҥнат (Якутский → Якутский)

ньаччыҥнаа диэнтэн дьаһ
туһ. «Мин кырыйабын. Миигиттэн атын ким да кырыйыа суохтаах», — кыптыыйын ньаччыҥнатаньаччыҥната, дьону тула көттө. И. Никифоров

суоппар

суоппар (Якутский → Якутский)

аат. Массыынаны ыытааччы киһи. ☉ Шофёр
Куһаҕан, моһуок суолтан Куттаныа суохтаах суоппар. Күннүк Уурастыырап
Улахан уолум суоппар. М. Попов

ханталдьый

ханталдьый (Якутский → Якутский)

хантай диэнтэн арыт
көстүү. Халлаан диэки харахтанан Ханталдьыйыа суохтааххын. Ф. Софронов. [Холорук чыычааҕы] Хаһыытаатар ханталдьыйбат, Үөгүлээтэр өндөлдьүйбэт, «ХС»

приемистость

приемистость (Русский → Якутский)

сылбырҕата, түргэнник түргэтээ-һинэ (сырыы-айан массыынатын дэбигистик түргэтиир хаачыстыбата. Холобура, 5-14 т уйуктаах таһаҕас мас-сыыната чааска 50 км тиийэ түргэтээһинэ 25 сөк. ордуо суохтаах, сылбырҕа буолуохтаах.)

көбүркэй

көбүркэй (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Сахсархай, көпсөркөй (үксүгэр буор туһунан). ☉ Рыхлый, рассыпчатый (обычно о почве)
Олордуу дириҥэ көбүркэй почваҕа аҕыс-уон сэнтимиэтиртэн итэҕэс буолуо суохтаах. ГСҮЦХ

кэҥэтилин

кэҥэтилин (Якутский → Якутский)

кэҥэт диэнтэн атын
туһ. Сиилэстэнэр культуралар ыһыыларын кэҥэтиллиэхтээх. ПВА САСС
Урукку билии хайа эмэ өттүнэн кэҥэтиллиэхтээҕэ, чуолкайданыллыахтааҕа умнуллуо суохтаах. ПНЕ СТ
Былаан быһыытынан …… Абзгур собуота кэҥэтиллиэхтээх этэ. «ХС»