Якутские буквы:

Якутский → Русский

сынньан=

отдыхать; кини муораҕа сынньана барбыта он уехал отдыхать к морю; үлэ кэнниттэн сынньан = отдохнуть после работы.

Якутский → Английский

сынньан=

v. to rest

Якутский → Якутский

сынньан

туохт. Үлэҕин, туох эмэ дьарыккын тохтотон, сылааҕын таһаар, күүстэ, сэниэтэ ыл. Отдыхать, набираться сил
Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри эмээхсин хаста да олорон сынньанна. Амма Аччыгыйа
Төһө да уһуннук сынньаннарбыт, эбиэт кэнниттэн дуоннаахтык үлэлээбэтэхпит. Далан
Тыа киһитэ манна бултуур, дьолун көрдүүр, үөрэр-көтөр, сынньанар. И. Данилов
Уоппускаҕа бар, олор (үлэлиир киһиэхэ сыһыаннаах). Проводить отпуск
Мин уоппускам ээ, хотуой. Оттон уоппускабар сынньанар мин быраабым дии саныыбын. Далан
Павел Алексеевиһы уоппускаҕа ыыппат кыах суох этэ: кырдьа барбыт киһи биирдэ эмэ сынньаннаҕына сатанар. П. Егоров
Уһун өрөбүлгүн атаар. Проводить каникулы
Кыһынын бииргэ үөрэнэрбит, сайынын эмиэ бииргэ сынньанарбыт. Н. Заболоцкай
Сынньанар дьиэ көр дьиэ I
Учууталлар сынньанар дьиэлэригэр тахсыбытым аҕыйах хонно. Н. Заболоцкай
Миигин хоту үрэх баһыттан кэлэрбин кытары Дьокуускайдааҕы сынньанар дьиэҕэ ыыппыттара. А. Бэрияк
Иккистээн сылдьыыбар Сергоҕа Ургучан минеральнай источнигар сынньанар дьиэни тутуу туһунан кэпсээбитим. ОТК
ср. ДТС, тюрк. йынч, инч ‘покой; спокойный’


Еще переводы:

отдохнуть

отдохнуть (Русский → Якутский)

сов. сынньан.

отдыхает

отдыхает (Русский → Якутский)

гл
сынньанар

гл.
сынньанар (сынньан)

сынньаныы

сынньаныы (Якутский → Русский)

и. д. от сынньан =.

отдохнул

отдохнул (Русский → Якутский)

гл.
сынньанна, сынньана түстэ

вымолотить

вымолотить (Русский → Якутский)

сов. что, с. х. сынньан бүтэр, астаан бүтэр (хол. бурдугу).

гамак

гамак (Якутский → Русский)

гамак; гамакка сытан сынньан = отдыхать, лёжа в гамаке.

ледорез

ледорез (Русский → Якутский)

м. муус солооччу (чараас мууһу үлтү сынньан суол аһар борокуот).

сынньаныы

сынньаныы (Якутский → Якутский)

сынньан диэнтэн хай
аата. Соҕотоҕун сынньаныы туох аанньа үһүө. Кэм кэпсэтэр-ипсэтэр киһилээх үчүгэй. Н. Лугинов
Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, ийээ, сынньаныы — үлэ көрүҥүн уларытыы. М. Ефимов
Сайын саҕаланан эрэр. Бу сынньаныы, сөтүөлээһин, туристыы бохуокка, ойуурга отоннуу, тэллэйдии сылдьыы кэмэ. СМН АҮө

туораттар

туораттар (Якутский → Якутский)

туорат диэнтэн дьаһ
туһ. Чэйдээн, сынньанан баран Ньымаргыны туораттарда. «Чолбон»

унаарытын

унаарытын (Якутский → Якутский)

унаарыт диэнтэн бэй
туһ. Сынньанарыгар түптэ унаарытынна. У. Нуолур