- 1) слюна; ср. сил 2; 2) слизь; балык сыраана рыбья слизь; 2. перен. разг. немощный; физически слабый, вялый; сыраан киһи слабый человек.
Якутский → Русский
сыраан
сыыҥк-сыраан
сопли и слюни.
Якутский → Якутский
сыраан
аат.
1. Киһи, сүөһү сыҥааҕын уута тохтон сынньылыйара. ☉ Жидкость, выделяемая в полости рта человека и животного и смачивающая пищу при жевании, слюна
Айах иһигэр сыраан тахсан мунньустан уобуллубут аһылыгы илитэр уонна сымнатар. СИиТ
Ону көрөөт, Киэнтээсэп дьабадьыларыттан айаҕын сыраана тохтуохха айылаах ньалҕарыйан таҕыста. «ХС»
2. Балыгы бүрүйэ сылдьар чалахай, балык салыҥа. ☉ Слизь (рыбья). Балык сырааныгар биһилиннэ. Сырааннаах балык.
3. көсп., сэнээн. Күүһэ-уоҕа суох, мөлтөх, көлөөк киһи. ☉ Слабый, немощный, вялый (о человеке)
[Мохсоҕол — Моҕойго] Күөх сыраан, хайа күүскүнэн көстөр халлааҥҥа көрүлүөххүнүй? П. Ойуунускай
[Миша] Тимирдэйгэ холуйдахха сыраан, ол үрдүнэн күүһүмсүйэн, утарылаһан өлөр. Н. Босиков
◊ Сыраан быччархайа — сырааны үөскэтэн таһаарар быччархай. ☉ Слюнная железа
Илдьи ыстыырга аһылык сыраан быччархайдара таһаарбыт убаҕаһынан илитиллэр. ББЕ З
ср. ДТС йар ‘слюна’
сыыҥк-сыраан
- аат. Киһи муннутуттан, айаҕыттан өлгөмнүк тахсар чалахай. ☉ Сопли-слюни
Сыыҥын-сыраанын Сылыпыс гынан ылла Унааракэнээрэ суох Улуйа-кэнийэ турдаҕа. П. Ойуунускай
Көстөкүүн оҕолоро сиргэ сыыс-буор ортотугар сыыҥ-сыраан, кир-хор буолан оонньуу олороллор, таҥастара-саптара бүппүт. Күндэ
Саайыра [киһи аата] хараара өлбөөдүйбүт сирэйэ харчыччы хаппыт, сыыҥа-сыраана санньылыйа сылдьара, онуоха эбии кыччаҕар харахтааҕа, маадьаҕар атахтааҕа. С. Курилов (тылб.) - даҕ. суолт. Сыыҥа-сыраана түспүт, кирдээх чанчарык көрүҥнээх. ☉ Слюнявый, неопрятный, неряшливый
Сыыҥксыраан сырайдаах, Ньуун-ньаҕаан тыллаах, Уу-хаар оһоҕостоох Уһун эрэйдээх. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕо барахсан дьүһүнэ-бодото тупса түһүө, кир-хах, сыыҥк-сыраан суох буолуо этэ. «ББ»
△ көсп. Мөлтөх, күүһэ-сэниэтэ суох, нукаай курдук. ☉ Слабый, слабосильный, болезненный
Төрүт да сылаабай Сыыҥк-сыраан Утуйаан, Сылайбыт быһыынан, Эмиэ дьэ сытыаҕа, Утуйан барыаҕа. С. Данилов
Еще переводы: