сыһ. Туохтан эрэ сиэттэрэн, саҕалаан, туохха эмэ олоҕуран. ☉ Основываясь на чём-л.
Биир сүөһүттэн сэдиптээн ыал буолуоххун сөп. Болот Боотур
Ити курдук бу кыракый уолаттар айылҕаны харыстыыр дьарыктарыттан сэдиптээн бэрт туһалаах кэпсэтии тахсыбыта. И. Федосеев
Бу лоскуйчаан сытынан сэдиптээҥҥин оттон, доҕор, мэҥкэрэни баран буллаҕыҥ дии. Мэ! «ХС»
Якутский → Якутский
сэдиптээн
сэдиптээ
туохт. Туохтан эрэ сиэттэрэн, туохха эмэ олоҕуран сыаналаа, түмүктэ оҥор. ☉ Предположить на основе чего-л., судить по чему-л.
Сорох хаһаайыстыбалар ыанньыксыттара ЫБСЛКС оройуоннааҕы кэмитиэтин эппиэттээх үлэһиттэрэ түмэн биэрбит көрдөрүүлэриттэн сэдиптээтэххэ, ааспыт сылга ынахтан аҕыйах үүтү ыатылар. «ЭК»
Еще переводы: