и. д. от сэлээр = пустословие, пустая болтовня.
Якутский → Русский
сэлээрии
сэлээр
- разг. пустомеля, пустозвон, пустослов; ол киһи сэлээр он пустомеля; 2. перен. ветреный, легкомысленный; сэлээр киһи легкомысленный человек.
сэлээр=
пустословить, болтать.
Якутский → Якутский
сэлээрии
сэлээр I диэнтэн хай
аата. Дьиэ иһигэр туох да томооно суох этэ-этэ күлсүү, ыпсыыта суох ньамааран кэпсэтии, сэлээрии. Эрилик Эристиин
Хас кэлбит ыалдьыт, хаһаайка санньыйыытыгар кыттаат, онтон ол-бу сэлээриигэ да, үҥкүүгэ да, араас толкуйдааһыннаах оонньууга да кыттыбытынан барар. Л. Толстой (тылб.)
сэлээр
I
туохт. Дуоспуруна суох саҥар-иҥэр, мээнэ тыллас, оттомо суох буол. ☉ Пустословить, зря болтать, молоть чепуху
[Маарыйа:] Хата манна кэлэммин сэлээрэн олорон хаалаары гынным ээ. Бэйи кэбис, барыыһыкпын. А. Софронов
Түөкүн оҕолор, Булуҥтан уон тыһыынчаны сүүйэн кэлэҥҥин лааппы аһаары тэринэ сылдьар киһи — итиччэни эппэт буолуоҥ дуо? Ол эрээри ити тылыҥ иһин хоруйдуургун билэ-билэ сэлээр. Эрилик Эристиин
«Биһигини тыла суох сүөһүгэ тэҥнииртэн көмүскүүр ама туох да суох дуо?» — диэн Ксенофонтовна үөхсэрэ да, мэнээк сэлээрэрэ да биллибэт курдук саҥарара. Г. Николаева (тылб.)
II
даҕ., кэпс. Дьоһуна суох мээнэ быһыылаах эбэтэр мээнэ тыллаах. ☉ Ветреный, легкомысленный, несерьёзный (человек)
Былыр мин оҕо эрдэхпинэ ыаллыы алааска Чаччыгыныар диэн уу ньамаан тыллаах сэлээр киһи олорбута. И. Гоголев
Дьон тылын, хобу-сиби итэҕэйдэххэ, Тихон саҕа сэлээр, чэпчэки майгылаах киһи күн сиригэр суохха дылы. «ХС»
Ити мааны, тараҥ уоллаах кыыс баҕар нэгэй, көлөөк, сэлээр эрэстииттэр буолуо. «ХС»
♦ Этэ сэлээр — солуута суох биири үрүт үрдүгэр лабаҥхалаа эбэтэр мээнэ элбэхтик саҥар. ☉ Говорить без умолку, повторяя одно и то же
«Баҕайылар, бассабыыктары тылларынан кыраан кыайаары этэ сэлээрэн эрдэхтэрин», — дии санаан, Уулаах мичиҥнээтэ. Эрилик Эристиин
Хотун даҕаны били уруккутун курдук этэ сэлээрбэккэ, дьыала ис күчүмэҕэйин өйдүү сатаабыт курдук, кэтэҕэриин ороҥҥо олорбут. Эрилик Эристиин
ср. ДТС йелгүр ‘носиться, порхать’, йел ‘быстро ехать, скакать’
Еще переводы: