нареч. зажиточно, в достатке; колхозтаахтар сэниэтик олороллор колхозники живут зажиточно.
Якутский → Русский
сэниэтик
сэниэ
1) сила, мощь; сэниэтэ баарынан изо всех сил ; сэниэтэ баарын тухары пока у него есть силы; сэниэтэ эстибит он выбился из сил ; 2) перен. состоятельность, достаток || состоятельный; сэниэ ыал состоятельная семья.
Якутский → Якутский
сэниэтик
сыһ. Бэйэтэ дьаһанан олорор ыал кыаҕынан, үлэлээх-хамнастаах дьон сиэринэн. ☉ В достатке, имея всё необходимое для благополучной жизни
Дьоҕус дьиэ. Уһаайба. Сэниэтик олорор ыал көрүҥэ толору баар. Багдарыын Сүлбэ
Охонооһой Дуугун оҕонньор ыраахтааҕы саҕана син сэниэтик олорбута. М. Доҕордуурап
Бу сэниэтик олорор ыал этилэр. «Чолбон»
күүс-сэниэ
аат. Киһи ис кыаҕа, эрчимэ кыайар-хотор дьоҕура. ☉ Физические возможности, сила человека
Көбүөхтэс буола, Күүс-сэниэ эстэн, Тыын быһаҕаһын тыынан, Өйүн-төйүн булунаары, тымныы буорга умса түһэн, Өр соҕус сыппыта. Күннүк Уурастыырап
Валерий күүһэ-сэниэтэ мөлтүү быһыытыйбыта. Софр. Данилов
Оҕонньор күүһэ-сэниэтэ эстэн, санаата түһэн, нам баран, хаптайан хаалбыта. Болот Боотур
сэниэ
- аат. Күүс-күдэх, тугу эрэ гынар кыах. ☉ Сила, энергия
[Кулаковскай] олус дьүдьэйбит, хайдах эрэ сэрэнэн хаамар-хамныыр курдук, үөмэ туттан сылдьар, сэниэтэ суохтук саҥарар. Амма Аччыгыйа
Сэниэтэ букатын суох, ол үрдүгэр бүгүҥҥү ыарахан үлэтиттэн дэлби сылайбыт, түүн тоҥон аанньа утуйбат буолан, утуктуура да бэрт. Эрилик Эристиин
«Сэниэҕин эһэ үлэлиир буолаайаҕын, уҥуоҕуҥ төбөтө хааннырыа», — эбэм хапсыгыр түөһүгэр умса тардан, кэтэхпиттэн сыллаан ылара минньигэс да этэ. Ф. Постников - даҕ. суолт., көсп. Үптээх-астаах, кыахтаах (киһи, ыал). ☉ Состоятельный, зажиточный
Күөх ыстаабаннаах дьиэ сэниэ соҕус ыал дьиэтэ буолуон сөптөөх эбит. Софр. Данилов
Кэнники сир солоон, бурдук үүннэрэн уонна төрүүр кэлэн, арай, дьону ордук санатар сэниэ ыал буолан баартара. Эрилик Эристиин
Сэниэ сахалар ол кэмнэргэ оҕолорун Японияҕа ыытан үөрэттэрэллэрэ. «ХС»
ср. монг. чинээ ‘зажиточность; сила, мощь’
Якутский → Английский
сэниэ
a. well-off
сэниэ
n. energy
Еще переводы: