Якутские буквы:

Якутский → Русский

сэнэх

1) зажиточный; сэнэх ыал зажиточная семья; 2) более или менее приличный, опрятный (обычно об одежде); кини сэнэх таҥастаах этэ он был в приличной одежде.

Якутский → Английский

сэнэх

a. in good condition

Якутский → Якутский

сэнэх

даҕ.
1. Киһи сирэ көрбөтүн курдук көрүҥнээх, хоп курдук (үксүгэр таҥаһы этэргэ). Более или менее приличный, опрятный (обычно об одежде)
Сэнэх таҥаһы булан кэтэртилэр. Амма Аччыгыйа
Өскөтүн бытыгын хорунара, сэнэх соҕус таҥаһы таҥнара буоллар, ким даҕаны кинини кырдьаҕас диэ суох. Н. Якутскай
Тётя Поля мин тоҥорбун көрөн, арай, сон, бэргэһэ бэлэхтээтэ, эргэ да буоллар, сэнэх таҥастар. «ХС»
Кырдьан буорайа эбэтэр олус эргэрэ илик. Не совсем старый, не ветхий
Икки чараас соҕус кырыыны ааспытын кэннэ иннигэр сэнэх ампаар дьиэ харааран көһүннэ. И. Гоголев
Ириша эһэтин төрөөбүт дьиэтэ — буор сыбахтаах үрдүк балаҕан, төһө даҕаны чарапчыта иҥнэри түстэр, билигин да сэнэх көрүҥнээх. М. Ефимов
Эльвира эбэтэ алта уончалаах да буоллар, сэнэх көрүҥнээх, толуу эмээхсин. Л. Попов
Кини [Людмила Ивановна] сэттэ уончата да буоллар, билигин да сэнэх сэбэрэлээх, өрүүтүн сырдык сыдьаайынан мичилийбит, сааһыгар холооно суох ураты сэргэх харахтаах. С. Никифоров
2. Тиийинэн олорор гына үптээх-астаах, кыанар соҕус (киһи, ыал). Живущий в достатке, безбедно
Балаҕан дьиэҕэ көтөн түспүтүм, сэнэх орто соҕус ыал быһыылаах эбит. Суорун Омоллоон
Кыыс дьоно син сэнэх, орто баай соҕус ыал эбиттэр. Н. Якутскай
Кэргэнэ тыыннааҕар син сэнэх соҕустук, орто чунуобунньук сиэринэн олорбуттара. Н. Якутскай
Эр сэнэҕим эһиннэ кэпс. — күүһүм, сырам баранна. Выбиться из сил, обессилеть
Эрэй бөҕөнү көрөн, эр сэнэхпит эстэн, санаабыт сирбитигэр дьэ тиийдибит. И. Данилов
Ити курдук Хахсыйы сырса сатаан, эр сэнэхтэрэ эстэн күнүскү аһылыктарыгар тахсаллар. ФГЕ СТС
ср. п.-монг. сэнэг ‘годный’

эдэр-сэнэх

даҕ. Өссө да күүһүнуоҕун үрдүгэр сылдьар, кырдьа илик. Все ещё полный сил, энергии, бодрый, моложавый
Аҕата Мучун эдэр-сэнэх эрдэҕинэ, чугаһынан тэҥнээҕэ суох сылбырҕа, бэйэтигэр сөп күүстээх кыанар киһи этэ. ВС ХД
Биһиги эдэр-сэнэх уонна төрүт да үөрүнньэҥ буоламмыт, кыһалҕабытын улахаҥҥа уурбат этибит. «ХС»
Дьон эдэр-сэнэх өттө, сырыыны-айаны кыайыа дэниллибиттэрэ [этэрээккэ] ылыллыбыттара. «Кыым»


Еще переводы:

подобру

подобру (Русский → Якутский)

подобру-поздорову нареч. үтүө-сэнэх эрдэххинэ, үтүөнэн.

недурной

недурной (Русский → Якутский)

прил. 1. (довольно хороший) куһаҕана суох, сэнэх; 2. (о наружности) куһаҕана суох, дьүһүнүнэн куһаҕана суох.

эйэргэспэхтээ

эйэргэспэхтээ (Якутский → Якутский)

эйэргэс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ Эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, Оҕотук соҕус эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй

оонньоомохтоо

оонньоомохтоо (Якутский → Якутский)

оонньоо диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эдэр-сэнэх эрдэххэ эйэргэспэхтээн хаалыаҕыҥ, оҕотук соҕус эрдэххэ оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Оҕо-оҕо эрдэххэ Оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ, Эдэр сэнэх эрдэххэ Этэн-тыынан биэриэҕиҥ. А. Софронов

ааҥнаһыы

ааҥнаһыы (Якутский → Якутский)

ааҥнас диэнтэн хай
аата. Мааны, сэнэх таҥастаах Бартыбыаллаах аймаҕа, Маҕаһыыҥҥа, баһаарга Барааччылар даҕаны Утуу-субуу ааҥнаһыы, Утарыта анньыһыы. Күннүк Уурастыырап

сэнэхтик

сэнэхтик (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Киһилии, куһаҕана суохтук (көһүн). Неплохо, сносно, прилично (выглядеть)
[Маанньа:] Оҕолорбут сул сыгынньах буоллулар, саатар, оскуолаҕа сылдьар оҕобутун арыычча сэнэхтик таҥыннардарбыт үчүгэй буолуо этэ. А. Софронов
Кинилэртэн, арай, сарайдаах саҥа биир дьоҕус дьиэ эрэ сэнэхтик көстөр, уоннааҕылара бары эмэхтийбиттэр, самнаспыттар. Дьүөгэ Ааныстыырап
2. Тиийинэр гына, сөп буолар үптээхастаах буола. Небедно, в достатке (жить)
Бычок дэриэбинэ биир биллэр киһитэ. Быһыыта, урут сэнэхтик олорбут. Н. Якутскай
Бүөтүр, баай да буолбатаҕын иһин, кыанан, сэнэхтик олорор эбит. «ХС»

буодьулан

буодьулан (Якутский → Якутский)

буодьулаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Кырса тириитинэн тулата буодьуламмыт таарбаҕан истээх сэнэх соннооҕо. «ХС»
Үрэх илин саҕата улахан көҥүс, ол икки өттө тиһигэ быстыбат иирэ талахтарынан буодьуланан турар. А. Бэрияк

илтэр

илтэр (Якутский → Якутский)

илт диэнтэн дьаһ
туһ. Маарыйаны акаары эригэр илтэриэм суоҕа. Н. Неустроев
Оһоҕу отуннаран баран, бэйэтин уот кытыытыгар илтэрдэ. Амма Аччыгыйа
Ыалдьыт, сэнэх соҕус дьоннор кэллэллэр эрэ кинини - түгэх дьиэҕэ илтэрэрэ. А. Сыромятникова

күлтэлин

күлтэлин (Якутский → Якутский)

күлтэй диэн курдук
Арай биир киһи хамнаабакка хаар үрдүгэр сыппытын курдук күлтэллэн сытан хаалла, өлбүтүгэр сөп. Болот Боотур
Үүт бүтэй иһигэр ньэмиэскэй муннуктаах, чарапчылаах сэнэх балаҕан кэбиһиилээх от курдук күлтэллэн олорор. «ХС»

өһүктүйүү

өһүктүйүү (Якутский → Якутский)

аат. Олус кырдьан, ыалдьан өйдөөн-санаан дьайар туругу сүтэрии. Одряхление, старческая немощность, наступление старческого маразма
Куттуур миигин сэнэх сылдьан Өлөр өлүү суоһар суоһа, Ордук куттуур тыыннааҕынан Өһүктүйүү кырыыһа. С. Данилов