Якутские буквы:

Якутский → Русский

сэттээх

влекущий за собой кару, возмездие; сэттээх тылы саҥараҕын ты говоришь ужасные слова (от них ты можешь пострадать).

Якутский → Якутский

сэттээх

даҕ. Иэстэбиллээх; иччилээх (тыл, саҥа туһунан). Влекущий за собой кару, возмездие; вещий, проникновенный (о слове, речи)
[Нүһэр Дархан:] Ол сэттээх үөгүм дуораана Суодуспут суо мырааннар кэтэхтэригэр Сүүһүн ортотугар туоһахталаах Суор хара атыыр оҕус буолан Үллэтүллэ лиҥкинэччи мөҥүрээбитэ. И. Гоголев
Айыы-кэйии! Инньэ диэн сэттээх саҥаны саҥарба, сэлээннээх тойугу туойума. Эрилик Эристиин
[Боккуой эмээхсин] Ылдьаана эмээхсин кэлбитигэр, ити сэттээх тыллаах күтүргэ тугу көрдөрөөрү, кими быһа этиттэрээри гынарын сүрэҕэ таайда. А. Сыромятникова


Еще переводы:

сэттээхтик

сэттээхтик (Якутский → Русский)

нареч. от сэттээх ; сэттээхтик дьаабыламмыта он поступал ужасно (и вот за это наказан).

көнньүө

көнньүө (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Куһаҕанынан төлөөһүн, куһаҕаны оҥорон иэстэһии. Месть, возмездие, отмщение. Далай балыга көнньүөлээх, тайҕа кыыла сэттээх (өс хоһ.)

сэттээхтик

сэттээхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Иэстэбиллээх буолар гына; иччилээхтик. Так, чтоб влекло за собой возмездие; проникновенно
[Даайыс:] Сэттээхтик да дьаабыланан эрэҕит ээ. А. Софронов
Кинээс тэлгэһэтигэр баайыллан турар сүүнэ улахан үрүҥ оҕус илин атаҕынан буору хаһа-хаһа, иччитин ыҥырардыы сэттээхтик айаатаабыт үһү. И. Гоголев
Эдэр барахсан эбиккин, улаханнык, сэттээхтик саҥарыма диэн буойардыы эппит. А. Бродников

айыы-кэйии

айыы-кэйии (Якутский → Якутский)

аат. Айыылаах, сэттээх быһыыны оҥостуу (кэлин кэмсилгэннээх буолуон сөп оҥоһууну оҥорор киһини эрдэттэн сэрэтэн этиигэ тутлар). Действие, могущее повлечь за собой расплату, позднее раскаяние (обычно говорят, предупреждая кого-л. о том, чтобы он не совершал опрометчивого поступка, проступка)
Кэбис! Улуу Тойонуом, ити тылы тыллаһыма, бэрт сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа... Айыыкэйии! Инньэ диэмэ. П. Ойуунускай
Айыы-кэйии! Инньэ диэн сэттээх саҥаны саҥарыма, сэлээннээх тойугу туойума. Эрилик Эристиин
Тоойуом, бу туох дьаабытын дьаабыланныҥ? Айыы-кэйии... Тохтоо даа! Күннүк Уурастыырап

мэнээх

мэнээх (Якутский → Якутский)

көр мэнээк
1.
Бу үрэх дойдуга мэнээх тыллаһар сэттээх-сэлээннээх. Далан
Бостууктар карабинынан мэнээх үөһэ ыта-ыта уучах миҥэлэринэн үөрү тула сүүрдэ сылдьыбыттара. «Кыым»

иҥнигэстэн

иҥнигэстэн (Якутский → Якутский)

туохт. Туохтан, кимтэн эмэ мэһэйдэт, иҥин. Натолкнуться на какое-л. препятствие, запнуться, споткнуться
Туохтан тумнастан, Ханныктан хааттаран, Кимтэн иҥнигэстэнэн, Итигирдик иҥсэлээхтик, Сэттээхтик эттэҥий? Өксөкүлээх Өлөксөй
Институкка эксээмэн туттарсан, бэйэтэ этэринэн, нуучча тылыгар иҥнигэстэнэн хаалбыт. «ХС»

сэтиргээ

сэтиргээ (Якутский → Якутский)

туохт. Сэттэн-сэмэттэн, сэттээх буолуо диэн куттан, сэрэн. Опасаться, остерегаться возмездия, кары
Уулаах олоҥхоһут удаҕаны ырыатын сэтиргээн, ити ырыаҕа сөбүлэммэккэ хаалла. Эрилик Эристиин
Сэтиргээн, олорор сирдэрин тыатын саҕатыттан мас суулларбат буолаллара. БСИ ЛНКИСО-1994

дьаҥсал

дьаҥсал (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Күүстээх, иччилээх (тыл, саҥа); ыарахан, нүһэр (тыас). Веский, внушительный (о речи, словах); тяжелый, грохочущий (о шуме). Ойуун икки эмньик тыйдары өлөр өлүүгэ тэбэр дьаҥсал тойуга …… дьулаан-суоһар этэ. Далан
Дьаҥсал этиҥ дарбаанын тардан Сата билигин да күүрэ турар. Күннүк Уурастыырап
Ол уордаах Улуу Суорун тойон Ыар дьаҥсал тылларын, эргэ туос тордуйалыы, Сиргэ-буорга тэпсэр Сэттээх-сэмэлээх буолуо. И. Гоголев

кыран

кыран (Якутский → Якутский)

кыраа диэнтэн бэй., атын
туһ. Каин иллээх сир үрдүгэр амырыын сэтигэр Маҥнай хааны халыппыт, Ол үйэлэргэ кыраммыт. И. Гоголев
Ахтыы да араас буолааччы. Айыылаах ахтыы кыранар. С. Данилов
Аан дархан андаҕары андаҕайдаҕым буоллун! Сэттээх кырыыһынан кыраннаҕым буоллун! И. Гоголев
Аккаастанным, кыранным — ааспыт суолбуттан, хара дьайтан, хаан олбохтон, өһөх санааттан. Суорун Омоллоон
Сытыы тыллаахтан ыыстанар, кыранар диэни эмиэ билбитим. Дьүөгэ Ааныстыырап

кэнчиэлээх

кэнчиэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Иэстэбиллээх, сэттээх-сэлээннээх. Влекущий за собой возмездие, наказание
Кэнэҕэһин кэнэҕэс, Хойутун хойут, Бу кэрэ дойдуну Килбиэннээх күнүн Кэстэрэн ааһарым Кэнчиэлээх буолуо дуо? Таллан Бүрэ
Итиэннэ соруйан иһити киртитэн миэхэ хайа сатанарынан элбэх үлэни таһаара сатыыллар. Бу миэхэ кэнникинэн куһаҕан кэнчиэлээх буолуо диэн өйдүүр этим, кырдьык да, оннук буолбута. М. Горькай (тылб.)