туохт. Тугу хайдах оҥорор туһунан кими эмэ кытта кэпсэтэн быһаарыс, тугу эмэ дьүүллэс. ☉ Советоваться, совещаться с кем-л. о чём-л. [Ат] Тойон иччитин кытта Кичимэҕэй күннэргэ Киһилии кэпсэтэн, Сүүһүттэн өйөһөн, Сүбэлэһэр буолара үһү. П. Ойуунускай
Отчуттар «Дулҕалаах» хабыллар хаба ортотугар хойуу хомуһунан үллэ олорор улахан күөлү эргийэ көтөн ыларга сүбэлэстилэр. Амма Аччыгыйа
Эт кэнсиэрбэтин сии олорон, билигин ким тугу оҥоруохтааҕын өссө биирдэ сүбэлэстибит. Т. Сметанин
△ Тугу эмэ оҥорор туһунан болдьос; кигис. ☉ Договариваться о чём-л.; сговариваться с кем-л.
Сүбэлэһэн баран дьаабыланаллар эбээт! Барыта күөх албыннара. Үтүөнэн биэрэн ыыппаккытын билэр буоллахтара дии. Амма Аччыгыйа
Дьэ, хайдах сүбэлэһэбит? Киниттэн хара үөспүтүн дьөлө хаспытын ситиһэбит дуу? Эбэтэр умса түһэн биэрэн, үөн курдук өлөбүт дуу? М. Доҕордуурап
Маачыана ийэлээх аҕата кинини түөрт уонча саастаах Ымыыһыыр диэн …… киһиэхэ, баайыгар ымсыыран, кэргэн биэрэргэ сүбэлэспит этилэр. КДМ ОККО
Якутский → Якутский
сүбэлэс
Якутский → Русский
сүбэлэс=
совм.-взаимн. от сүбэлээ = советоваться друг с другом; совещаться с кем-л.
Еще переводы: