Якутские буквы:

Якутский → Якутский

таабырыннаһыы

таабырыннас диэнтэн хай
аата. Сытан эрэн таабырыннаһыы Киэһэ уот умуллуор диэри. Баал Хабырыыс
Бэрдиэн окко утуйар! …… Быччыҥ ыалдьар минньигэстик. Остуоруйалаһыы, таабырыннаһыы. И. Гоголев

таабырыннаа

туохт. Таабырынна таайтар. Загадать загадку
Кыра оҕо эрдэхпинэ ийэм хоонньугар укта сытан таабырынныыра. Суорун Омоллоон
Кыс мас анныгар кыталыктар кыстаан олороллор үһү диэн Таабырынныырбыт былыргыттан Туруорбах буор балаҕаммытын. Баал Хабырыыс
Ытык кырдьаҕас оҕонньор Ыксатыгар олорор оҕолор, Таабырынныырын таайаары Чуумпурбуттар бука бары. П. Дмитриев

таабырыннас

таабырыннаа диэнтэн холб. туһ. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр хонсоллоругар хоонньоһон утуйаллара, киэһэ хойукка диэри кэпсэтэ, күлсэ, таабырыннаһа, оонньуу сытар буолаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кыра сылдьан, киһини өйдүүр буолаат, остуоруйалаһар, таабырыннаһар киэһэлэртэн биирдэстэригэр истибит …… суол туһунан таабырына, дьэ, бу быйыл саас дьиҥнээхтик таайылынна. Н. Босиков
Билиҥҥи улахан дьоннор остуоруйалаһар, таабырыннаһар дьарыгы хаалларбыттар. «ХС»

Якутский → Русский

таабырыннаа=

загадывать загадку.

таабырыннас=

совм.-взаимн. от таабырыннаа .


Еще переводы:

остуоруйалаһыы

остуоруйалаһыы (Якутский → Якутский)

остуоруйалас диэнтэн хай
аата. Бэрдиэн окко утуйар! Быччыҥ ыалдьар минньигэстик. Остуоруйалаһыы, таабырыннаһыы. И. Гоголев
Киэһэ ахсын бырыычыка оонньуута, таабырын таайсыыта, остуоруйалаһыы. «ХС»
Сир санаа саныыр, сылаастык нухарыйар, Уһун түүнэ остуоруйалаһыы кэмэ. К. Кулиев (тылб.)

бит-билгэ

бит-билгэ (Якутский → Якутский)

аат. Туох эмэ буолуохтааҕы түүлүнэн эбэтэр атын туох эмэ бэлиэнэн сэрэйии, билгэлээһин. Предчувствие, основанное на приметах, знаках. Бит-билгэ оччото суох
Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырыннаһыыны, остуоруйалаһыыны, былыргы дьон бити-билгэни итэҕэйиилэригэр, барыныбары айыыргыыр кэнэн үгэстэригэр иитиллэн үөскээбитин …… ахтар. КНЗ КАӨ

таабырыннат=

таабырыннат= (Якутский → Русский)

побуд. от таабырыннаа =.

загадывает

загадывает (Русский → Якутский)

гл
таабырынныыр

таабырыннааччы

таабырыннааччы (Якутский → Якутский)

аат. Таабырын таайтарааччы киһи. Тот, кто загадывает загадки. Таабырыннааччы таабырыннара улам уустугуран истилэр

таабырыннан

таабырыннан (Якутский → Якутский)

таабырыннаа диэнтэн бэй
туһ. Олох арыт үгүс таайыллыбатах таабырыннанар. Н. Лугинов

таабырыннат

таабырыннат (Якутский → Якутский)

таабырыннаа диэнтэн дьаһ
туһ. Биир тойон Москва таһыттан кэлбитэ. Ырыалары суруйара, Өс хоһооннорун истэрэ, Таабырыннатар да этэ. Н. Некрасов (тылб.)

сыран

сыран (Якутский → Якутский)

сырай I диэнтэн бэй
туһ. Мин оҕо эрдэхпинэ кыһыҥҥы хараҥа түүн көмүлүөк оһох иннигэр сырана олорон, таабырыннаһан эрийсэрбин өйдүү түстүм. Софр. Данилов

үгэлэс

үгэлэс (Якутский → Якутский)

туохт. Үгэнэн кэпсэт, үгэнэн саҥар. Говорить иносказательно, иронизировать
Сэһэргэһэ турар сэбэргэнэлэрдээх, Таабырыннаһа турар долбуурдаах, үгэлэһэ турар үгэхтэрдээх, хоһоонноһо турар хотоннордоох эбит. П. Ядрихинскай

хонус

хонус (Якутский → Якутский)

хон диэнтэн холб. туһ. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр хонсоллоругар …… киэһэ хойукка диэри кэпсэтэ, күлсэ, таабырыннаһа оонньуу сытар буолаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап
Куораппын солбуйан Холкуостаах бааһынай Куһуогун амсайан Отууга хонустум. Дьуон Дьаҥылы
Чугастааҕы ыаллара хонсон доҕор буолаллара. «ХС»