тыаһы үт. туохт.
1. Түргэн-түргэнник «бэ-бэ-бэ» диэн эрэр курдук саҥар (хабдьы, мэкчиргэ тустарынан). ☉ Учащенно издавать звуки «бэ-бэ» (напр., о куропатках, совах и т. д.)
Толугур чараҥыгар куртуйах куллугуруура, куулатыгар хабдьы бэбигириирэ. Суорун Омоллоон
Эчи, мэкчиргэ баҕайы бэбигирээтэҕэ куһаҕанын. И. Федосеев
Хабдьы бэбигирээн кэбиһэкэбиһэ, маҥан хаар хонууга ыраахтан улаатан көстөн ураты кылбайан олорор буолар эбит. «ХС»
2. Соһуйан, куттанан, тоҥон, ыга кыыһыран титирэстэтэн саҥар. ☉ Говорить громким, дрожащим, заикающимся голосом (напр., от сильного удивления, испуга и т. п.)
Хаппытыан Ачаарап, киһини сынньаары дибдийэрин саҕанааҕы курдук, аллараа сыҥааҕа босхо баран бэбигирии түстэ. Эрилик Эристиин
«Оок», — дьиэлээх эмээхсин өмүрэн өрө бэбигирии түстэ. В. Протодьяконов
Миитэрэй: «Миэнэ, миэнэ», — диэн бэбигирии түстэ, хаҥас илиитэ быластыы ууна сылдьар, уҥа илиититтэн кумааҕыны былдьаары, сиэҕиттэн, санныттан харбыалаа да харбыалаа буолла. М. Ефимов