Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тосхой

туохт.
1. Тугу эмэ (хол., барар хайысхаҕын) быһа холуйан, сэрэйэн быһаар. Определять предположительно направление чего-л. (напр., движения)
«Дойдум туһа бу буолуо эбээт!» — диэн баран, тус соҕуруу диэки куолутунан атарах-сатарах бара турда тосхойон. ПЭК ОНЛЯ I
Хоту диэки бардаҕа диэн тосхойон хааман истэ. Н. Түгүнүүрэп. Ыт оҕотун бултата үөрэтиигэ ирдии үөрэнэригэр, булт суолун быһыта тосхойор буоларыгар улахан болҕомто ууруллуохтаах. ОЕВ ССТБ
2. Тугу эмэ туһаай, сыаллаа-соруктаа, анаан түбэс. Направлять к цели, сообразовать с целью, уготовить, послать
[Аналлаах айыыһыппытыгар] Дуулаҕа кыыс оҕото Тосхойон кулу! — диэн, …… Үҥэн-сүгүрүйэн эрэбин. П. Ядрихинскай
Кини дьолугар, сиртэн ыла мутуктаах мас тосхойдо. Тииҥ курдук онно хатана түстэ. Т. Сметанин
Сэрэбиэй тосхойбутунан Ууну Сурутарга [сир аата] хонор буоллум. Ф. Постников
ср. калм. тосха

Якутский → Русский

тосхой=

1) определять направление; направлять; дьиэбэр быһа тосхойон иһэбин я иду прямо к дому; 2) высок, уготовить; послать; үрдүк дьол тосхойдо высок, уготовано великое счастье; булду тосхой пошли мне хорошую охоту (обращение охотника к хозяину тайги).


Еще переводы:

тосхойтор=

тосхойтор= (Якутский → Русский)

побуд. от тосхой=.

тосхойуу

тосхойуу (Якутский → Русский)

и. д. от тосхой= определение направления.

тосхойуу

тосхойуу (Якутский → Якутский)

тосхой диэнтэн хай
аата. [Табаһыттар, булчуттар] дьылҕалара айылҕа, күн-дьыл тосхойуутуттан тутулуктааҕа. И. Аргунов
Аны булду тосхойуу буолла. П. Ламутскай (тылб.)

айхал-уруй

айхал-уруй (Якутский → Якутский)

көр уруй-айхал
Ай да, зенитчик маладьыас буойун, Айхалуруй эйиэхэ тосхойдун! И. Егоров

таҥхатылын

таҥхатылын (Якутский → Якутский)

таҥхат диэнтэн атын
туһ. Итиччэ түгэн тосхойбутун кэннэ …… биир бытыылка эмиэ таҥхатылынна. Э. Соколов

тосхойулун

тосхойулун (Якутский → Якутский)

тосхой диэнтэн атын
туһ. [Хаһыы] Кимиэхэ тосхойуллубутун билэннэр, …… дьон дьулайаннар, Безуховка эргиллэ түстүлэр. Л. Толстой (тылб.)

тосхот

тосхот (Якутский → Якутский)

тосхой диэнтэн дьаһ
туһ. Кыһыйан, мэлийэн, Хаамабын барбах, Тыа-ойуур иһийэн Тосхотуо дуо, саарбах. И. Федосеев

дьаабал{ыҥ} баара

дьаабал{ыҥ} баара (Якутский → Якутский)

көр абааһы (абааһыҥ) баара
Дьаабал баара, бэрт булт тосхойбутун мүччү тутта. В. Яковлев
Дьаабалыҥ баара үчүгэйинэн үчүгэй бачыыҥка эрээри, аҥаара атахпын ыга тутар буолан биэрдэ. В. Ойуурускай

көйөлгө

көйөлгө (Якутский → Якутский)

көр көйөргө
Сиэллээх көйөлгөнү көтөхтүбүт, Чороон айаҕы тосхойдубут. Саха фольк. Айахтаах амсайбатах Ардахтаах ас үрдүн Анаан аһатабыт, Сиэллээх көйөлгөнү көтөхтүбүт! Саха нар. ыр. II

акаарычаан

акаарычаан (Якутский → Якутский)

акаары диэнтэн атаах.-аччат. Акаарычаан! Биһиги эйиэхэ барыбыт Дьиҥнээх дьолу баҕарабыт, Кистээбэккэ эттэххэ, эн тускар дьиксинэбит. И. Гоголев
Акаарычаан, иччиҥ сылайан кэлбитин билбэккин. Софр. Данилов
Тоҕо ытыыгын, акаарычаан? Бырааттаммыккыттан үөрүөххүн билиминэ. Хайдахтаах дьол биһиэхэ тосхойбутуй?! Н. Лугинов